Дьокуускайга эр киһи сокуоннайа суох табаҕы эргиниигэ буруйданна

Share

Дьокуускай куорат борокуратуурата 61 саастаах олохтооҕун холуобунай дьыалатыгар судаарыстыбаннай буруйдааһынын суут өйөөтө. Кини Холуобунай Кодексынан анал бэлиэтэ (маркировката) суох сокуоннайа суох табаҕы эргиниигэ буруйданна.

Суут быһаарыытынан, урбаанньыт табах бородууксуйатын атыылыырга лицензията суох сылдьан, 2023 сыл ыам ыйыттан 2024 сыл бэс ыйыгар диэри сокуоннайа суох анал бэлиэтэ суох 2 169 522 солк. суумалаах табаҕы атыылаабыт. Ол эбэтэр олус улахан кээмэйдээх хоромньуну таһаарбыта ыйылынна.

Судаарыстыбаннай буруйдааччы ирдэбилин учуоттаан, суут эр киһини 2 сыл усулуобунай болдьохтоох көҥүлүн быһарга уураахтаата. Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арктикатааҕы Эпос уонна култуура киинин үрдүгэр тимир куупаллары таҥан туруордулар

Дьокуускайга тутулла турар Арктикатааҕы эпос, култуура киинин үрдүгэр үһүс ураһа тимир каркааһын таҥан бүтэрдилэр диэн…

2 минуты ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айыына Кожурова «Блогема» бириэмийэ кыайыылааҕынан буолла

Сэтинньи 27 күнүгэр Москваҕа «Блогема» бириэмийэ кыайыылаахтарын ааттаатылар. Саха сириттэн эдэр блогер кыыс Айыына Кожурова…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сергей Иванов СӨ Ыччат бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлинэн талылынна

Сергей Иванов СӨ Ыччат бырабыыталыстыбатын V састаабын бэрэссэдээтэлинэн талылынна. Сэтинньи 25 күнүгэр бирикээскэ СӨ Бырабыыталыстыбатын…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо көрүүтэ суох сылдьарыттан уонна буруйу оҥороруттан сэрэтэр эрэгийиэннээҕи сокуоҥҥа уларытыылар киирэллэр

Ил Түмэн X пленарнай мунньаҕар “СӨ сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо көрүүтэ суох сылдьарын уонна…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускай үс олохтооҕо ийэ хапытаалын сэртипикээттэрин сокуоннайа суох туһаммыттар

Дьокуускай  куорат үс олохтооҕо ийэ хапытаалын үбүн-харчытын ылыыга түөкүннээһиҥҥэ буруйданаллар. Кинилэри буруйдуур дьыалаларын, СӨ Борокуратууратын…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эн туох диигин: «кыра тыаллаах», «улахан тыаллаах»

Саха тыла баай даҕаны. Ол эрээри, ол сүмэтин ситэ туһаммакка, күннээҕи “кэл-бар” диэн тылга көһөн…

2 часа ago