Дьокуускайга эр киһи үһүс этээстэн суулунна
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр алта буруйу кэһии тахсыбыт туһунан СӨ Дьуһуурунай борокуруора иһитиннэрэр.
Сунтаар сэлиэнньэтигэр 1962 с.т. эр киһи доруобуйатын улаханнык эчэттилэр, маныаха уорбаланар дьахтары туттулар. Дьокуускайга портативнай гарааһы уордулар. Мэҥэ Хаҥаласка уонна киин куоракка түөкүннээһин туһунан сайабылыанньалар киирбиттэр. Ол курдук, 1968 с.т. дьахтары криптовалюта схематынан албыннаан, 220 тыһыынча солкуобайын суйдаабыттар. Дьокуускайга наркортигынан эргиммиттэрин туппуттар, итиэннэ массыына ыытар сымыйа быраабы туһаммыттара биллибит.
Дьокуускайга Петр Алексеев уулуссатыгар баар дьиэ үһүс этээһин болкуонуттан эр киһи суулунна. Кинини балыыһаҕа киллэрдилэр.
Суукка иһигэр түөрт техногеннай баһаар буолла, өлбүттэр, эчэйбиттэр суохтар.
Киһи өлүүлээх суол быһылаан бэлиэтэммэтэ.
Суукка иһигэр икки итирик туруктаах суоппары туттулар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: