Дьокуускайга эр киһи ювелирнай мастарыскыай үлэһититтэн 150 тыһ. солк. биһилэҕин уорбут
25.09.2024, 19:00
Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:
Дьокуускайга эр киһи атыылаһааччы буолан киирэн, ювелирнай мастарыскыайтан 150 тыһ. солк. биһилэҕи уорбут. Мастарыскыай үлэһитэ полицияҕа сайабылыанньа түһэрдэ диэн иһитиннэрэр өрөспүүбүлүкэтээҕи ИДьМ пресс-сулууспата.
Полиция үлэһиттэрэ 40 саастаах Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан төрүттээх киһини туттулар. Уорбаланааччы мастарыскыайга атыылаһааччы быһыытынан киирбит. Онно үлэлиир киһи биһилэҕин сөбүлүү көрөн, миэхэ атыылаа диэбит. Эмсэҕэлээччи сөбүлэһэн, сыанатын эппит. Уорбаланааччы харчыбын сибилигин аҕалыам диэн биһилэҕи ылан тахсыбыт уонна төттөрү киирбэтэх.
Уоруллубут малы төннөрдүлэр. “Халааһын” ыстатыйанан холуобунай дьыала тэрилиннэ. Буруйданааччыны 4 сылга диэри көҥүлүн быһыы суоһуур.
+1
2
+1
+1
+1
+1
3
+1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: