Дьокуускайга «Эр санаа уруогар» муһуннулар
Бүгүн, ахсынньы 9 күнүгэр, Дьокуускайга «Эр санаа» уруога буолла. Бу уруокка быһа сибээһинэн ДНӨ баһылыгын сүбэһитэ Игорь Владимирович Кимоковскай кытынна. Итэннэ эмиэ быһа сибээһинэн Донецкай куорат «Юнармия» этэрээтин «Доблесть» ВПК салайааччыта Людмила Петровна Буровая, «Доблесть» юнармия этэрээтин хамандыыра Ева Олеговна Мартыненко кыттыыны ыллылар.
«Эр санаа» уруогар Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов аатын сүгэр Дьокуускай куорат 20-с №-дээх оскуолатын юнармиятын этэрээтин салайааччы Сергей Михайлович Макеев, өрөспүүбүлүкэтээҕи кадеттар оскуолаларын этэрээтин салайааччы Николай Иванович Сивцев уонна оскуола оҕолоро муһуннулар.
Альбина Алексеевна Винокурова, Аҕа дойдуну көмүскээччилэр дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин эрэгийиэннээҕи ыстаабын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы :
— «Вместе к Победе» пуорум чэрчитинэн, «Эр санаа» уруога ДНӨ кытта быһа сибээһинэн ыытылынна. Бу тэрээһин СӨ бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн уонна уопсастыбаннай өйөбүл көмөтүнэн ыытылынна. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ оскуола оҕолоро, юнармеецтар муһуннулар. Маны сэргэ, СӨ араас улуустарыгар баар юнармеецтар ВКС сибээс нөҥүө тахсан уруокка кыттыыны ыллылар. Бүгүҥҥү күҥҥэ маннык уруоктар улахан суолталаахтар. Оҕолор биһиги бары биир дьиэ кэргэн буоларбытын өйдүөхтээхтэр. Маннык уруоктар төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буола улаатыыга туһуланаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: