Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэҕэ саамай улахан оскуола аһылынна
Бүгүн, балаҕан ыйын 1 күнүгэр, Дьокуускай куорат 68-с “Прометей” кыбаарталыгар Н.И.Шарин аатынан 39 №-дээх саҥа оскуоланы үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар. Өрөспүүбүлүкэҕэ уонна куоракка саамай улахан оскуола Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Владимир Путин көҕүлээбит “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллубута.
Үөрүүлээх линейка судаарыстыбаннай Өрөгөй ырыатын толоруунан, Арассыыйа Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин былаахтарын өрө көтөҕүүнэн арылынна. Үөрэнээччилэри уонна педагогическай кэлэктииби Билии күнүнэн Саха сирин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ.
“Бүгүн кэрэ-бэлиэ күн! Билии күнүгэр Дьокуускайга уонна өрөспүүбүлүкэҕэ даҕаны саамай улахан оскуола аанын тэлэччи арыйабыт. Дьокуускай куоракка мээр эрдэхпин, өссө 2018 сыллаахха, “Прометей” кыбаарталга саҥа аныгылыы оскуоланы туттарыахха диэн быһаарыы ылыммытым. Ол саҕана бу туһунан “Прометей” хампаанньа тутааччыларыгар эппиппитигэр кинилэр бырайыагы өйөөбүттэрэ, сөбүлэһиннэрии бары түһүмэҕин ааспыттара. Дьэ, уонна бүгүн эһигинниин бу бэртээхэй дьиэни арыйабыт”, — диэтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан оскуола аныгы ирдэбиллэргэ сөп түбэһиннэрэн таҥыллыбытын туһунан эттэ.
“Мин оҕолор тустарыгар, педагогическай кэлэктиип туһугар, бу түөлбэ олохтоохторун туһугар үөрэбин. Инникитин маннык тупсаҕай оскуолалар Дьокуускайга өссө даҕаны тутуллуохтара диэн эрэнэбин, тоҕо диэтэххэ, сыл аайы куоракка элбэх оҕо үөрэнэ барар. Биһиги маны хааччыйыахтаахпыт. Оҕолорбут киэҥ-куоҥ, аныгы оскуолаларга үөрэниэхтээхтэр. 39 №-дээх оскуолаҕа алгыспын тиэрдэбин!” – диэтэ Айсен Николаев.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга ону тэҥэ оскуолаҕа оптуобус сэртипикээтин туттарда.
Оскуола 45 кылаас-кэмпилиэгэр 1,6 тыһыынчаттан тахса оҕо үөрэниэҕэ, итилэртэн 300-һэ бастакы кылаас үөрэнээччитэ. Саха тылын үөрэтэр кылаастар бааллар. Ону тэҥэ 53 оҕо оскуола иннинээҕи икки бөлөххө сылдьыаҕа. Информационнай-технологическай, биолого-химическэй, физико-математическай хайысхалаах кылаастардаах. Оскуоланы тутуу кэмигэр бу түөлбэ олохтоохторугар анкета толотторон, бу хайысхалары төрөппүттэр бэйэлэрэ талбыттара.
“Оскуола сып-сырдык, сылаас. Ситиһиилээхтик үөрэнэргэ уонна айымньылаахтык үлэлииргэ бары усулуобуйа тэрилиннэ. Билигин үөрэнээччилэртэн маннык түмүктэри кэтэһэбит”, — диэтэ оскуола дириэктэрэ Мария Прокопьева уонна өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар махтанна.
Оскуола дириэктэрэ этэринэн, 15 тыһ. кв.м. иэннээх үс этээстээх дьиэҕэ үөрэх аныгы эйгэтэ түстэннэ. Алын сүһүөх оскуола блогар 12 кылаастаах, технология уонна логопед-дефектолог кэбиниэттэрэ, рекреационнай уонна оонньуур зоналар бааллар. Манна туспа аанынан киирэллэр.
Орто уонна үрдүкү кылаастар үөрэнэр блоктарыгар 20 үөрэх хоһо баар. Успуорт уонна үҥкүү саалалара, ааҕар саалалаах мультифункциональнай бибилэтиэкэ, мастарыскыайдар, 330 миэстэлээх остолобуой, 250 киһи киирэр гримернайдаах уонна көстүүм уларыттар хостоох конференц-саала, мэдиссиинэ блога уонна ботаническай сад бааллар.
Икки блок холбоһор улахан атриумнаах. Кэбиниэттэр, лабораториялар уонна мастарыскыайдар интерактивнай дуоскалардаахтар, ноутбуктаахтар, компьютердаахтар, квадрокоптердаахтар. Оскуола базатыгар эспэримиэнниир уонна моделлыыр киин арыллыаҕа. Оскуола тиэргэнигэр сүүрэр суоллаах, сынньанар сирдээх стадион тутуллубут.
“Биһиги икки кыыспыт саҥа оскуолаҕа 3 “в”, 5 “в” кылаастарга киирдилэр. Оскуолабыт киэҥ-куоҥ. Онон олус үөрдүбүт. Мин төрөппүттэр кэмитиэттэригэр киирдим. Оскуолабыт таҥаһын “Прометей” төрөппүттэрин кэмитиэтэ бигэргэппитэ. Кылаастар олус үчүгэйдик таҥыллыбыттар, сып-сырдык», — диэн санаатын Алена Федорова үллэһиннэ.
Саха сиригэр 2018 сылтан 51 оскуола тутуллубута, 57 оскуолаҕа федеральнай бырагырааманан хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна. Бу сыл бүтүөр диэри өссө 61 оскуола киириэҕэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: