Бэҕэһээ, кулун тутар 22 күнүгэр, «Чолбон: өй күрэһэ. Улахан оонньуу» Дьокуускай куоракка буолан ааста.
В.Г. Белинскэй аатынан кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэҕэ ааҕыынан үлүһүйэр, саха литературатын сэҥээрэр тоҕус хамаанда күөн көрүстэ. Түөрт түһүмэхтээх оонньуу бэрт сэргэхтик ааста.
Хас түһүмэх кэннэ хамаандалар ыйытыылар сөптөөх хоруйдарын көрөн, ким сыыспыт кыһыйа, оттон таба тайаммыттар ытыс таһына олордулар. Түмүккэ эрийсиилээх киирсиигэ эгил-тэгил испит Стручковтар уонна Дьячковскайдар дьиэ кэргэн үһүс миэстэни былдьаһан эбии ыйытыыларга хоруйдаатылар, ол түмүгэр биир очконан Дьячковскайдар баһыйан таҕыстылар. Иккис миэстэ Атласовтар буоллулар. Кыайыы өрөгөйүн Бубякиннар биллилэр. Кинилэр киин куорат чиэһин муус устарга буолар оонньууга көмүскүөхтэрэ, онно 12 улуус хамаандатын кытта киирсиэхтэрэ.
Санатар буоллахха, бу киин куоракка буолбут оонньуу бастакы түһүмэх түмүктүүр оонньуута буолла.
Тамара Петровна, үһүс миэстэлээх Дьячковскайдар эдьиийдэрэ: «Оонньуу буоларын дьүөгэм эппитэ, кыттыҥ диэн тылыгар киллэрбитэ. Эрдэ маннык өй оонньуутугар хаһан да кыттыбатахпыт. Дьиэнэн ааҕарбытын сөбүлүүбүт, оҕолорбутун, сиэннэрбитин эмиэ сыһыарабыт».
Варвара Александровна, иккис миэстэлээх Атласовтар эбэлэрэ: «Биһиги аймаҕынан бары сахалыы бэчээккэ суруйтарабыт, хайа эрэ ыал „Чолбоҥҥо“, кимнээх эрэ „Далбар хотуҥҥа“, онон төрөөбүт тылбытынан тахсар суруйуулары барытын билэ-көрө олоробут. Дьэ, дойдубар Мэҥэ Хаҥаласка таҕыстахпына барытын мунньана олорон ааҕабын».
Прокопий Петрович, бастакы миэстэ буолбут Бубякиннар аҕалара: «Ааҕыыга миигин ийэм Ульяна Петровна угуйбута. Кини ордук сөбүлээн „Хотугу сулуһу“ ааҕара. Мин ону батыһан оҕо сылдьан дьиэбитигэр баар икки дьааһык кинигэни, үс куул сурунаалы аахпытым. Онон ол саҕана тахсыбыт улахан айымньылары барытын аахпытым.Оҕо эрдэхпинэ аахпытым туһалаан, холобур, бүгүн Далан „Дьикти сааһыттан“ баар ыйытыыга сөпкө хоруйдаатым. Оттон сорох ыйытыылар эппиэттэрин, холобур, суруйааччылар олохторугар, тылбааска сыһыаннаах тиэмэлэри мин кэлин университекка саха тылын факультетыгар үөрэнэ сылдьан билбитим, истибитим. Билиҥҥи ааҕыы сыаналаммат буолбут курдук кэмигэр, бу курдук ыыта сылдьар улахан үлэҕит иһин „Чолбон“ сурунаалга махтанабын».
«Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…