Дьокуускайга Эрмитаж күннэрэ аан бастаан ыытыллыахтара
Алтынньы 25-28 күннэригэр Дьокуускайга аан бастаан Эрмитаж күннэрэ буолуохтара. Бу тэрээһин СӨ Национальнай художественнай түмэлин 95 сылыгар бэлэх быһыытынан ыытыллар.
Эрмитажтан 9 үлэһит кэлбит. Экспонаттарын бэрт үчүгэйдик суулаан, көрөн-харайан, хонтуруоллаан аҕалбыттар. Холобур, быыстапка сүрүн экспонатын – 18-с үйэҕэ оҥоһуллубут, глобус курдук быһыылаах күн чаһытын буулдьа хоппот дьааһыгар уган аҕалбыттар, дьааһыкка салгын сиигин, кыраадыһын биир тэҥ тутар анал прибор баар буолуохтаах – бу барыта 32 киилэ буолбут. Экспонаттары саалаах-сэптээх харабыллар харабыллаан аҕалбыттар.
Бу императрица Анна Иоанновнаҕа бэлэхтэммит сыаналаах чаһыны 1988 сылтан Эрмитаж иһиттэн ханна да таһаарбакка, кытаанахтык харабыллаан туруорбуттар эбит. Онон 35 сыл «хаппахчыга хатанан» туран баран, дьэ, аан бастаан Дьокуускайга тиийэн кэлбит. Чаһыны Швейцарияттан кэлбит маастар Исаак Брукнер уонна кини үөрэнээччитэ Петр Голицын 1734 сыллаахха оҥорбуттар. Швейцария чаһы маастардара ол саҕаттан аатыраллара.
Эрмитаж үлэһиттэрэ суруналыыстары кытары көрсүһүү кэмигэр быыстапка, экспонаттар тустарынан сиһилии кэпсээтилэр. Быыстапка куратора, Эрмитаж научнай прибордарын, үнүстүрүмүөннэрин кэлиэксийэтин харайааччы Григорий Ястребинскэй бу сэдэх экспонат – күн чаһыта туох суолталааҕын, 18-с үйэ наукатын кэрэһилиир айымньы буоларын, онно улуу ыраахтаҕылар оруолларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Алексей Богданов, Эрмитаж научнай үлэһитэ:
— Биһиги урут Эрмитаж иһиттэн экспонаттары ханна да таһаарбат этибит. Бу – бүтүн Арассыыйа, бүтүн норуот баайа-дуола, култууратын, устуоруйатын кэрэһитэ буолар. Ол эрээри, кэнники сылларга бастаан киин куораттарга, онтон эрэгийиэннэргэ быыстапкалыыр буоллубут. Экспонаттары тиэйбит-таспыт кэнниттэн, син биир чөлүгэр түһэрэр үлэни (реставрация) эрэйэллэр, тиэйии-таһыы да, куттала суох буолууну хааччыйыы да чэпчэкитэ суох буолар. Онон биһиги барыһырар туһунан санаабакка, дойдубут сыаната биллибэт баайын дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөр, сырдатар сыаллаахпыт.
Влада Тимофеева, Национальнай художественнай түмэл дириэктэрэ:
— Эрмитаһы кытта бииргэ үлэлэһии, быыстапканы тэрийэр туһунан идиэйэ 2005 сылтан баар. Ол эрээри, быйыл эрэ барыта табыллан, Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн, Эрмитаж дириэктэрэ Михаил Пиотровскай көмөтүнэн, биһиги түмэлбит 95 сылыгар дьоһун бэлэҕи оҥордулар. “Часы и эпоха” быыстапка суолтата – өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар, дьиэлэриттэн тэйбэккэ сылдьан, Арассыыйа уонна аан дойду бастыҥ түмэллэрин дьиҥнээх кылаан айымньыларын илэ харахтарынан көрөллөрүгэр кыах биэрии буолар.
Бу быыстапка туһуттан, түмэл үлэлиир кэмин уларытта. Быыстапка турар кэмигэр өрөбүлэ суох, күн аайы киэһэ 8 чааска диэри үлэлиэҕэ. Онон түмэл иллээх кэлэктиибигэр махтанабын. Быыстапкаҕа бэлэмнэнии сыл инниттэн саҕаламмыта. Кылгас кэм иһигэр сүрдээх элбэх үлэ ыытылынна. Бу быыстапкабыт бастакы уонна тиһэх буолбатыгар эрэнэбит. Эрмитаһы кытта салгыы бииргэ үлэлэһэргэ олук уурулунна.
“Часы и эпоха” диэн быыстапка алтынньы 25 күнүттэн сэтинньи 20 күнүгэр диэри художественнай түмэл дьиэтигэр туруоҕа. Манна 18-с үйэтээҕи чаһыны уонна хартыыналары, ускуустуба айымньыларын көрдөрүүгэ туруоруохтара.
Улахан дьоҥҥо “Күһүҥҥү ноктюрн” диэн хартыынаны уруһуйдуурга маастар-кылаас буолуоҕа.
Оҕолорго анаан “Прогулка по экспозиции с котом Эрмиком” ыытыллыаҕа. Биллэрин курдук, урут-уруккуттан Эрмитажка куоскалар сулууспалаах үлэһит курдуктар. Хартыыналары, экспонаттары буортулуур кутуйахтары, кырыысалары тутар буолан, улахан туһаны аҕалаллар, онон кинилэр тустарынан кинигэлэри суруйаллар, киинэлэри уһулаллар,быыстапкалары туруораллар. Бэл, Эрмитаж куоскатын күнүн бэлиэтииллэр.
Алтынньы 25-28 күннэригэр эрэ виртуальнай киинэ тыйаатыра үлэлиэҕэ. Манна vr-шлемы, анал ачыкылары кэтэн баран, дьиҥнээхтии Эрмитажка илэ сылдьар курдук сананыаххыт. Оттон гид быһыытынан артыыс Константин Хабенскай Эрмитаж саалаларынан сирдии сылдьан, умсугутуулаахтык кэпсиэҕэ-ипсиэҕэ. Манна эбии төлөбүр ылыллыбат, киирии билиэти атыыласпыт дьон бары көрүөхтэрин сөп. Уонна хаһан Эрмитаж иһигэр босхо экскурсиялыы сылдьар буолуоххутуй? Маннык түгэни мүлчү тутумаҥ!
Маны тэҥэ, Эрмитаж үлэһитэ – научнай-сырдатар үлэҕэ методист Павел Дейнека лиэксийэлэри ааҕыаҕа. Лиэксийэлэр тиэмэлэрэ: «Эрмитаж: здания и залы. От Екатерины Великой к XXI веку», «Шедевры Старых мастеров. Западноевропейское искусство XIII-XVIII вв.», «От романтизма к модернизму. Западноевропейское искусство XIX-XX вв.». Киириитэ босхо, ким баҕарар кэлэн, лиэксийэни истиэн сөп.
Эрмитаж күннэрэ СӨ бырабыыталыстыбатын, култуура, духуобунай сайдыы министиэристибэтин уонна Судаарыстыбаннай Эрмитаж генеральнай дириэктэрэ Михаил Пиотровскай өйөбүллэринэн ыытыллаллар.
Ааптар түһэриилэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: