Дьокуускайга гаас сыта тарҕанна
28.11.2022, 19:28
Бөлөххө киир:
Билигин аҕай Дьокуускай куорат уулуссаларыгар гаас сыта лаппа билиннэ.
Ол туһунан социальнай ситимнэргэ кытары тарҕанна. Тугун-ханныгын чуолкайдаары «Сахатранснефтегаз» АУо генеральнай дириэктэрин 1-кы солбуйааччы, Ил Түмэн дьокутаата Александр Гоголевтан ыйыталаспыппытыгар, «Киһи долгуйара суох. Үөһээ мырааҥҥа (көтөр фабрикатын аттыгар) баар гааһы үллэрэр пууҥҥа (ГРС-2) гааска сыты биэрэр аналлаах одорант диэн анал булкадыһыгы сапыраапкалыы тураллар. Ол сыта тарҕанна», — диэн иһитиннэрдэ.
Одорант диэни судургутук быһаарар буоллахха, гааска сыты биэрэр. Дьиҥнээх гаас ханнык да сыта суох. Ол иһин, кыбартыыларга, дьиэлэргэ гаас быыһылаан таҕыстаҕына, дьон ону тута биллиннэр диэн ити анал биэсэстибэни эбэн биэрэллэр.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: