Дьокуускайга гарааска баһаар кэнниттэн өлбүт киһини буллулар
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ барыта сэттэ буруйу оҥоруу туһунан иһитиннэрии киирэн, борокуратуура хонтуруолугар сылдьар.
Ленскэй куоракка 1986 сыллаахха төрөөбүт киһи улахан эчэйиини ылан тыына быстыбыт, уорбаланааччыны быһаарбыттар.
Өймөкөөн улууһун Уус Ньара бөһүөлэгэр гараастан эрэһиинэ тыыны, уу мотуорун уонна массыына сууйар тэрили уорбуттар.
Дьокуускай куоракка түөкүннээһин туһунан сайабылыанньа киирбит. Түөкүттэр “суотабай сибээс үлэһиттэрэбит” уонна “инвестицияҕа киириҥ” диэн икки киһини албыннаан 2,2 мөл. солк. мүччү туттаран ылбыттар.
Ону тэҥэ, эмиэ куоракка нароктигынан эргинээччилэри уонна массыына ыыта сылдьар итирик туруктаах дьону туппуттар.
Дьокуускайга Кальвица уулуссатыгар баар гарааска баһаар буолбут. Баһаар кэнниттэн 1985 сыллаахха төрөөбүт киһи өлүгүн булбуттар. Билигин баһаар төрүөтүн быһаараллар.
Суукка устата арыгы иһэн баран массыына ыыта сылдьар тоҕус киһини туппуттар. Ити туһунан дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: