Салгыы
Дьокуускайга ГИБДД урукку инспектора эксээмэн тутарга бэрик ылбыта билиннэ

Дьокуускайга ГИБДД урукку инспектора эксээмэн тутарга бэрик ылбыта билиннэ

Ааптар:
24.12.2024, 13:30
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Киин куорат суута ГИБДД урукку инспектора холуобунай дьыалатын көрдө. Буруйдаах дуоһунаһын туһанан тырааныспар ыытарга эксээмэни тутарга бэрик ылбыта билиннэ.

Суут быһаарыытынан, бу киһи ГИБДД эксээмэни тутар отделыгар суоппар быраабыгар тырааныспары ыытыыга эксээмэни тутарга хас да төгүл бэрик ылбыт. Ортотунан түөрт киһиттэн 20-лии тыһ. солкуобайы, уопсайа 80 000 солк. ылбыт. Бу харчылар официальнай докумуоннарга эксээмэни туттарда диэн  курсаннарга илии батыырыгар бэриллибиттэр. Итининэн сибээстээн, түөрт суоппар сокуоннайа суох дастабырыанньа ылбыттар. Суут кэмигэр эр киһи буруйун толору билиннэ. ИДьМ сулууспатын ГИБДД урукку үлэһитэ буруйу оҥорууга буруйдааҕынан билиннэ уонна 6 сыл 10 ый болдьоххо көҥүлэ быһылынна, мантан 4 сыл усулуобунайдык, итини таһынан 3 сылга болдьоххо «полиция капитана» диэн дуоһунаска үлэлиирэ тохтотулунна, 80 000 солк. суума харчы былдьанна.

Суут бириигэбэрэ сокуоннай күүһүгэр киирэ илик. СӨ Сууттарын холбоһуктаах пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
26 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: