Дьокуускайга гостиница уоруйаҕын туттулар

Share

Дьокуускай куорат ИДьМ 2 №-дээх полициятын дьуһуурунай чааһыгар киин куорат олохтооҕо 30 тыһыынча солкуобай суумалаах суотабай төлөпүөнүн уонна баан счетуттан 40-ча тыһыынча кэриҥэ суума харчытын уорбуттарын туһунан тыллаабыт.

Суһал-көрдүүр дьаһалларынан холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ уорбаланааччыны туттулар. 35 саастаах эр киһи буолара биллибит.

Хара санаалаах эдэр киһи гостиницаҕа хос ылбыт уонна дьахтары, кини доҕорун кытта билсибит. Саҥа билсибит  дьон дьахтар хоһугар  арыгы испиттэр. Биир түгэҥҥэ эдэр киһи дьахтар төлөпүөнүн уоран кыбынан тахсыбыт. Кэлин онлайн-баан көмөтүнэн  төлөпүөнүнэн 36 тыһыынча солкуобайы уорбут. Уорбут харчыны  таксыыга, маҕаһыыннарынан ороскуоттаабыт. Ол кэннэ уорбаланааччы  суотабай төлөпүөнү атыылаабыт.

Силиэстийэ кэмигэр эр киһи Дьокуускай куорат гостиницаларыттан үс төгүл уорбута билиннэ. Билигин полиция үлэһиттэрэ кинини атын уорууга кыттыгастарын бэрэбиэркэлииллэр. Холуобунай дьыала тэрилиннэ. Уорбаланааччы 5 сылга диэри  көҥүлэ быһыллыан сөп.  Бу туһунан СӨ ИДьМ пресс-сулууспата суруйар.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нам улууһугар ыраах айан суоппардара түмсүү тэриннилэр

Бу күннэргэ Нам улууһугар ыраах айан суоппардарын бастакы сүбэ мунньаҕа буолан ааста. Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

«Урбаанньыт аҕа» бырайыак кыттыылаахтара онлайн-үөрэҕи түмүктээтилэр

Саха сиригэр «Урбаанньыт аҕа» үөрэх онлайн түһүмэҕэ түмүктэннэ. Аҕалары ый устата «Мой бизнес» киин преподавателлэрэ…

45 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьиэни тутуу эридьиэстэрэ

Бу кэлиҥҥи сылларга кэтэх дьиэни тутууга чэпчэтиилээх ипотека киирэн, Туймаада хочото биирдэ мас тутуунан дьэргэс…

60 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Булуҥҥа медузаны балыктаан ыллылар

Булуҥ оройуонугар Быковскай сэлиэнньэтигэр Лаптевтар байҕалга балыксыттар медузаны туппуттар. Бу туһунан «Маяк Арктики» хаһыат ТГ-ханаала…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Оҕо туһугар…

Дьылҕа ыйааҕа диэн баара дуу... Эбэтэр бэйэ олоҕун иннигэр эппиэтинэстэн куттанан барытын дьылҕаҕа балыйар судургу…

2 часа ago