Дьокуускайга хаһаах уонна дьаамсык ырыаларын бэстибээлэ буолла

Дьокуускайга хаһаах уонна дьаамсык ырыаларын бэстибээлэ буолла

Ааптар:
12.06.2024, 20:29
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Арассыыйа күнүгэр Дьокуускайга хаһаах уонна дьаамсык ырыаларын ХІ бэстибээл-куонкурус ыытылынна.

Ырыа толорооччулар, хаһаах уонна дьаамсык култуураларын харыстааччылар, Орджоникидзе болуоссатыгар мустаннар, киин куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын үөрүүлээх бырааһынньыгынан эҕэрдэлээтилэр.

«Өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл Арассыыйа күнүгэр номнуо 15-с төгүлүн ыытыллар. Хаһаах уонна дьаамсык ырыаларын бэстибээлэ өрөспүүбүлүкэ сүрүн тэрээһиннэрин халандаарыгар бигэтик киирбитэ. Тэрээһин норуот түмсүүлээҕин көрдөрөр. Саха сиригэр Бүтүн Арассыыйатааҕы испииһэгэр киирбит 374 хаһаах олорор», – диэн Саха сирин Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистирэ Гаврил Кириллин бэлиэтээтэ.

Билигин Саха сиригэр 10 хаһаах уопсастыбата, 3 уопсастыбаннай тэрилтэ, ону тэҥэ Хаһааччыйаны сайыннарыы өрөспүүбүлүкэтээҕи пуондата үлэлииллэр.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: