Дьокуускайга ханна шашлык буһарар көҥүллэнэрий?
Ыам ыйыгар шашлык үгэнэ саҕаланыа. Төһө да төрөөбүт аспыт буолбатар, саас кэлиитин шашлыгынан көрсөр буолбуппут ыраатта.
Бу сылга Дьокуускай куорат эргин маассабай сынньалаҥ миэстэлэринэн Хаҥалас уонна Хатас нэһилиэгин сирдэрин анаатылар. Ол курдук, быйыл олохтоохтор куорат уокуругун Хаҥалас микрооройуонугар чох тиэйэр причал кэнниттэн (Өлүөнэ өрүс), Хаҥалас тумулун беседкатыгар, итиэннэ Покровскай тракт 20 км (Дьокуускай — Покровскай суол уҥа өртүгэр) сынньаныахтарын сөп. Бу сирдэргэ ханнык баҕарар кэмҥэ сынньана тахсар көҥүллэнэр, ол эрээри уот уматар бобуулаах. «Шашлык буһарааччыларга анал миэстэлэр тэриллибиттэрэ», – диэн киин куорат дьаһалтата иһитиннэрэр.
Бэлиэтээн эттэххэ, мангал тула буор хаһыллыахтаах, ону тэҥэ шашлыгы маһынан буолбакка чоххо буһарыллыахтаах. Итини кытта сынньанааччылар уоту умуруорарга анал уулаах сылдьыахтаахтар.
Тыаҕа баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылатын кэһии иһин административнай ыстараап көрүллэр:
— 5 тыһ. солкуобайтан 15 тыһ. солк. диэри биирдиилэн дьоҥҥо;
— дуоһунастаах дьоҥҥо 20 тыһ. солкуобайтан 30 тыһ. солк. диэри;
— юридическай сирэйдэргэ 3 тыһ. соллкуобайтан 400 тыһ. солк. диэри.
Муус устар 27 күнүттэн Дьокуускай куорат эргин сирдэринэн рейдэлэр ыытыллыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: