Дьокуускайга хас да буолан биир киһини кырбаабыт дьону туттулар
07.07.2024, 17:16
https://t.me/tprocsakha
Бөлөххө киир:
Бу күннэргэ социальнай ситимнэргэ ыччаттар хас да буолан биир эдэр киһини сидьиҥник кырбыыр, тэбиэлиир видеолара тарҕанна.
Ол курдук, от ыйын 6 күнүгэр, түүн ыччаттар бөлөхтөрө Дьокуускайга Таалай күөл таһыгар, Ломоносов уулуссаҕа, 2005 сыллаах төрүөх киһи доруобуйатын эчэппиттэр.
Бу быһылаанынан холуобунай дьыала көбүтүлүннэ.
Маны таһынан туһааннаах ыччаттар Ломоносов уулуссатыгар биир дьиэ таһы төлөпүөнү күүстэринэн былдьаабыттара билиннэ.
Дьокуускай куорат борокуратуурата холуобунай дьыала тэриллибитин сокуоннайынан билиннэ,
Буруйдаах дьон полиция отделыгар аҕалылыннылар.
+1
30
+1
4
+1
1
+1
1
+1
14
+1
4
+1
5
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: