Дьокуускайга хоккейга Олимпиада чөмпүйүөннэрэ кэллилэр
Бүгүн, кулун тутар 18 күнүгэр, сарсыарда Дьокуускай аэропордугар хоккейга Олимпиада чөмпүйүөннэрин көрүстүлэр. «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуулар посола, Олимпиада икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Вячеслав Фетисов, Олимпиада чөмпүйүөннэр Алексей Гусаров, Вячеслав Буцаев уонна Олимпиада призера Борис Миронов кэллилэр. Кинилэр сарсын Өлүөнэ очуостарыгар «Азия оҕолоро» оонньуулар уоттарын уматыытын сиэрин-туомун иитинэн ыытыллар хоккейга күрэхтэһиэхтэрэ.
«Арассыыйа успуордун салайааччытынан үлэлии сылдьаммын «Азия оҕолоро» бырайыагы өйөөбүтүм. Улахан бырааһынньык буолбутун өйлүүбүн. Онно пароходунан Өлүөнэ очуостарыгар тиийбиппит, оттон билигин онно хоккейдыы барыахпыт. Бу ураты бырайыак. Национальнай оонньууга кытыннахпытына, биһиги маны хоккейнай дипломатия диибит. Саха сирин бэтэрээннэрин кытта оонньуохпут. Хоккей Саха сиригэр сайдыытыгар саҥа бырайыагы олохтуохпут», — диэн Вячеслав Фетисов этэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: