Дьокуускайга худуоһунньуктар дьиэлэригэр “Уран Айыы алгыһынан” быыстапка аһылынна
Хамсааһын – олох, олох – эргиир, эргиир – ситим. Ситим – кэм – кэрдии быстыбат алтыһыыта, хойукку эрдэлээбити, урукку билиҥҥилиин, ааспыт буолардыын көрсүһүүтэ, ситэрэн-хоторон биэриитэ… Уруккуну умнан улаҕа диэки ууммакка, ааспыты антах диэки аспакка, буолбуту буомурдан кэбиспэккэ билиҥҥилиин биһирэмнээн билиһиннэрдэххэ сайдар-үүнэр аартыктары арыйыахха, дириҥиир, кэҥиир эйгэни булуохха сөп, итинэн сибээстээн көлүөнэ ситимин чиҥэтэр суол-иис арыллар. Бу хайысхаҕа сыаллаах-соруктаах, дириҥ хорутуулаах үлэни ыытар үтүөкэн дьоммут түбүктээх үлэлэрэ үрдүк үктэллэргэ, үрдэллэргэ таһаардылар. Бу сылларга этэргэ дылы, ким хайдах саныырынан, түбэспитинэн тиктэрэ уурайда, дьэ дьиҥ чахчы үөрэтиллибит, чинчийиллибит, ырытыллыбыт диэҥҥэ история кэрэһитинэн дакаастаныллыбыт диэн өйдөбүл эбилиннэ.
Киэргэл, киэргэнэр таҥас-сап оччолортон баччаҕа диэри олох хардыытынан, кэм кээмэйинэн сыыйа-баайа сыҕарыйан дьүһүн кубулуйан, быһыы-таһаа уларыйан сорох сороҕор төрдө-төбөтө хантан этэй диэххэ сөптөөх түгэннэр бааллар. Ол омун даҕаны, сымыйа даҕаны буолбатах. Дьэ маннык түгэҥҥэ история диэн билим сүрдээх көмөлөөх буоларын бары да өйдүүбүт бөҕө буоллаҕа, ол эрээри ону хасыһыы, үөрэтии, ырытыы иирбэ-таарба үлэтин киһи эрэ барыта кыайбат, эппиэтинэһи ылыммат. Манна норуот устуоруйатын таҥас-сап, ас-үөл өттүттэн көрөн чинчийбит Саха дьоно барахсаттар былыр-былыргыттан талааннаах-дьоҕурдаах, ураты дьонноругар олус харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллара кэпсээҥҥэ сылдьар. Аны саха киһитэ оҕотун сэмэйдик, сиэрдээхтик сырыт диэн өйдөбүлгэ олох күүскэ үөрэтэр, бу суруллубатах быраабыла ордук күүскэ айыылартан бэриллибити (талааны, дьоҕуру) сыыска-буорга тэпсибэккэ, ыспакка-тохпокко, киһиргэс-кэпсэл оҥостубакка сырыт диэҥҥэ быһаччы сыһыаннаах. Онтон, билигин санаатахха, ол да иһин буолуо, бука итинник сылаас, сэмэй сыһыан баар буолан кэрдиилээн, кэрдиистээн, оҕуруо тиһигин курдук быспакка сылдьыбыт буоламмыт уруккубутун умнубаппыт туһугар, ааспыппытын аахайар туһугар туруулаһар дьоннорбут куруутун бааллар.
Ол курдук, Дьокуускайга худуоһунньуктар дьиэлэригэр “Уран Айыы алгыһынан” диэн ааттанан быыстапка М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун фольклорга уонна култуураҕа хаапыдыратын дассыана, Хотугу норуоттар култуураларын уонна тылларын үнүстүтүүтүн бэрэпэдэбээтэлэ, этнограф, норуоттар көстүүмнэрин чинчийээччи, историческай билим хандьытаата, Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ норуодунай маастара Светлана Ивановна Петрова быһаччы салайыытынан олоххо киирбит бырайыак бастыҥ үлэлэрин кэрэни, үтүөнү сэргээччилэр, норуот олоҕун чинчийээччилэр, иис-күүс эйгэтин билээччилэр-көрөөччүлэр, сыаналааччылар үтүмэн үөрүүлэрин үрдэтэ аһылынна. Манна Светлана Ивановна бу өр сыллаах, киэҥ хабааннаах, хотоойу санаалаах, дириҥ хорутуулаах чинчийэр, үөрэтэр, ситимниир, салгыыр, үйэтитэр үлэтин чуолаан таҥас-сап нөҥүө көрдөрөр сыаллаах хайысхата харах халтарыйар, сүрэх өрүкүйэр, төрүт дьоммут өркөн өйдөрүн сөҕөр-махтайар көстүү буолар “Уран иис” түмсүү талба талааннаахтарын үлэлэрэ түмүлүннэ. Бу быыстапка күн бүгүн бүтүн өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн аата ахса биллибэт быыстапкалартан уратыта — атына бу киэргэллэр, таҥнар таҥастар дьиҥ чахчы буолбукка, оҥоһуллубукка, чинчиллибиккэ олоҕуран оҥоһуллубут, тигиллибит чопчу, дьиҥнээх уу саха оһуордаах-мандардаах дьахтар, эр киһи, оҕо киэнин биир бииргэ буоларын курдук гына үтүгүннэрэн тикпиттэрэ буолар. Ол аата, атыннык эттэххэ, бу таҥастары-саптары, киэргэллэри хас эмит сүүһүнэн сыл анараа өттүгэр төрүт дьоммут кэтэ сылдьыбыттар. Дьэ бу түгэҥҥэ иис-күүс кистэлэҥнэрин сэгэтэргэ, сөргүтэргэ, чөлүгэр түһэрэргэ көмө-тирэх, өйөбүл буолар кини биир санаалаахтарын хайаан даҕаны аат ааттаан туран бүтүн саха норуотун аатыттан махталбытын биллэриэхпитин наада. Кинилэр кимнээхтэрий уонна бу быыстапка туһунан санаалара хайдаҕый?
М.К. Аммосов аатынан ХИФУ бэрэпиэссэрэ, РФ уонна СӨ ускуустубаларын үтүөлээх диэйэтэлэ Иванова-Унарова Зинаида Ивановна бу быыстапка өй-санаа өркөнө, талааннаах тарбах таарыйбыта киһи сөҕөр-махтайар кэрэтин, мындырын ааһан киһи эрэ барыта кыайбат, эппиэтинэһи ылыммат хасыһыы, үөрэтии, ырытыы иирбэ-таарба үлэтин уйууну ирдиирин уонна ону бары өттүттэн кыайа тутар Светлана Ивановнаны убаастыырын, сөҕөрүн-махтайарын, махтанарын бэлиэтээтэ. Кини курдук көһөҥө талаан, дьоҕур, муударай дьонноох буоламмыт саха омуга уруккулаах даҕаны, билиҥҥилээх даҕаны уонна биллэн туран инникилээх диэн үөрэ-көтө бэлиэтээтэ.
Александра Николаевна Прокопьева – “Өбүгэ суола” наукаҕа олоҕуран сырдатар, иитэр-үөрэтэр сыаллаах түмсүү салайааччыта, Арассыыйа наукаларын академиятын кыра норуоттар кыһалҕаларын чинчийэр уонна тылы-өһү чинчийэр үнүстүтүүттэр үлэһиттэрэ быыстапка кыттыылаахтарын барыларын бу үөрүүлээх түгэнинэн эҕэрдэлээтэ уонна тоҥон-хатан, тиритэн-хорутан, ардахха-самыырга илийэн, курдары үрэр тыалга үрдэрэн да туран булан-талан ылбыт история кэрэһитэ буолар таҥас-сап ыл да кэт гына тигиллэн туралларын көрөн долгуйбутун, үөрбүтүн, махтаммытын биллэрдэ.
СӨ худуоһунньуктарын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба үнүстүтүүтүн дассыана,СӨ култууратын туйгуна Наталья Васильевна Николаева быыстапка өйуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаны кытта ыкса сибээстээҕин, саха омуга өҥү дьүөрэлээһиҥҥэ ордук айылҕа өҥүн хото туттарын ыйда уонна бу үлэлэр Светлана Ивановна ылсыбытын ыһыктыбат, биһирээбитин бырахпат идэлээҕин быһыытынан үлэ биир биир эбиллэн ситэри-хотору буолан иһэрин бэлиэтээтэ.
М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун фольклорга уонна култуураҕа хаапыдыратын дассыана, культурология билимин билим хандьытаата Светлана Николаевна Федорова ханнык баҕарар чинчийэр үлэ киһиттэн бэйэҕэ ирдэбиллээх буолууну, кыра, улахан диэн араарбакка барытыгар болҕомтолоох буолууну эрэйэрин уонна бу этиллибит хаачыстыбалар Светлана Ивановнаҕа баалларын бэлиэтээтэ.
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, норуот айымньыта – норуот баайа буоларын, норуот баайа сайдарын-үүнэрин, кини эйгэтэ кэҥиирин, дириҥиирин туһугар чуолкай сыаллаах-соруктаах, үтүө түмүктэрдээх үлэни үлэлээбит, ытыктанар-убаастанар Толбонова Надежда Семеновна Светлана Ивановна уһун сылларга иитэр-үөрэтэр, чинчийэр,иистэнэр, оҥорор хайысхалары тэҥҥэ тутан сайдан – үүнэн тус бэйэтэ көрүүлээх, дириҥ билиилээх учуонай, учуутал, уһуйааччы буоларын ааһан кини тарҕатааччы, үйэтитээччи, көҕүлээччи буоларын ордук чорботон бэлиэтээтэ.
СНКИХ “Хотугу сулус” оҕо телерадиохампаанньатын дириэктэрэ Гоголева Татьяна Афанасьевна “Уран Айыы алгыһынан” быыстапка түмэллэргэ түмүллэн сытар, эбэтэр бу да күннэргэ, кэмнэргэ ыытыллар археологическай хаһыылар фондаларыгар баар үлэлэр күн бүгүн даҕаны олус тоҕоостоохторун, күн бүгүн даҕаны кэтэ сырыттахха олус диэн сөптөөх көстүүлээхтэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ дакаастыыр, итэҕэтэр аналлааҕын сөҕө-махтайа киһи эрэ ылыныан курдук ылыннарыылаахтык, ыпсарыылаахтык, устар ууну сомоҕолуурдуу уоттаах-төлөннөөх этиитэ сэмэй да сэмэй киһибитинэн Петрова Светлана Ивановнан киэн туттуубутун өссө үрдэттэ.
Сайдыы-үүнүү суолун тобуларга үгэс буолбут култуураҕа олоҕуран, уруккуну умнубакка, ааспыты илии таһынан садьыйбакка, төрүт үгэстэри сөргүтэн, чиҥэтэн, үөрэтэн үлэлиир-хамсыыр бигэ суол буолар. Ордук чуолаан сөргүтүү диэҥҥэ тохтоон ааһыаҕыҥ. Сөргүтүү, ол аата урут баары, буолбуту өйдөтүү, чөлүгэр түһэрии, үөрэтии, дириҥэтии, кэҥэтии буолар. Саха омугу мээнэҕэ аһыныгас санаалаах арҕаһыттан тэһииннээх айыы, көмүскэс санаалаах көхсүттэн тэһииннээх күн улууһун улуу норуота диэн ааттаабатахтар. Өркөн өйдөөх өбүгэбит үтүө үгэстэрин,мааны майгытын кистэлэҥнэрин иис-күүс, уус эйгэтинэн орто дойду олоҕун киэҥ киэлитин уораҕайыгар кэлин кэлэр кэнчээри ыччакка кэһии, үүнэр үтүө дьоҥҥо үтэ гынан кистээн-кистээн сытыаран олох араас добун долгунугар оҕустарбакка, сүтэрэн-оһорон кэбиспэккэ күн бүгүҥҥү олохпутугар тиэртэҕэ.
Өссө биири бэлиэтээн, тоһоҕолоон сэһэргиир-кэпсиир буоллахха бу тэрээһиҥҥэ чинчийиинэн, үөрэтиинэн дьарыктанар көлүөнэ ситимин тута сылдьар эдэр ыччат баара киһини үөрдүөх эрэ кэриҥнээх.
Быыстапка сүрүн дьоруойдарын талааннаах тарбахтаах, имигэс илиилээх, дьоһун дьоммут үлэлэрэ Алдантан, Амматтан, Кэбээйиттэн, Томпоттон, Сунтаартан, Тааттаттан, Хаҥаластан, Уус Алдантан, Үөһээ Бүлүүттэн, Дьааҥыттан, Усуйаана улууһуттан кэлбиттэрэ. Ону кулун тутар 17 күнүгэр диэри көрүөххүтүн сөп.
Быыстапка үөрүүлээх аһыллыытын ХИФУ магистрана, “Тускул” КК уус-уран салайааччыта Константинова Вилена Михайловна уран тылга уйдаран, нарын тылынан наардаан, сайаҕас тылынан сааһылаан үҥкүүнэн доҕуһуоллаан, дорҕоон добун долгунугар олордон бэрт сэргэхтик, ылыннарыылаахтык ыыппыта эмиэ бу тэрээһин таһымын үрдэттэ.
Наталья Руфова. Хатас – Дьокуускай.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: