Салгыы
Дьокуускайга Хулун-Буир уокуругун дэлэгээссийэтэ ыалдьыттыыр

Дьокуускайга Хулун-Буир уокуругун дэлэгээссийэтэ ыалдьыттыыр

Ааптар:
17.07.2024, 15:13
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Быйыл, 2024 сылга, Кытай уонна Арассыыйа икки ардыларыгар дипломатическай сыһыан олохтоммута 75  сыла.

Бу бэлиэ даатанан, икки судаарыстыба араас тэрээһиннэри ыыталлар. Ол иһигэр, эрэгийиэн таһымнаах тэрээһиннэри. Итинэн сиэттэрэн, от ыйын 15-17  күннэригэр КНР-тан Хулун-Буир куораттааҕы уокуругун дэлэгээссийэтэ үлэлиир. Дэлэгээссийэни Хулун-Буир к. Норуодунай Бырабыыталыстыбатын Мээрин бастакы солбуйааччы Ху Чжаоминь салайар.

Бэҕэһээ, от ыйын 16 күнүгэр СӨ тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэҕэ дэлэгээссийэни кытары көрүстүлэр. Дьыалабыай, гуманитарнай хайысхаларынан бииргэ үлэлээһиҥҥэ, ол иһигэр эргиэн-экэнэмиичэскэй, култуура, туризм уо.д.а. элбэх боппуруоһу дьүүллэстилэр.

Миниистири солбуйааччы Сергей Хатылыков бииргэ үлэлииргэ суолталаах хайысхаларга тохтоото. Господин Ху Чжаоминь хардарыта сибээстэһиини өйүүрүн, тыа хаһаайыстыбатын, сүөһү иитиитин, култуура, успуорт, доруобуйа харыстабыла, туризм эйгэлэригэр бырайыактарга бииргэ үлэлииргэ эттэ.

Түмүккэ өрүттэр бииргэ үлэлээһин саамай кэскиллээх хайысхаларын быһаарыстылар, бырайыактары сайыннарыыга сибээһи салгыырга бэлэмнээхтэрин биллэрдилэр.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3408207

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: