Салгыы
Дьокуускайга Ийэ күнүгэр төрөөбүт оҕолору таһаардылар

Дьокуускайга Ийэ күнүгэр төрөөбүт оҕолору таһаардылар

Ааптар:
28.11.2024, 20:15
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Дьокуускайдааҕы килиньиичэскэй балыыһаҕа сэтинньи 24 күнүгэр, Арассыыйаҕа Ийэ күнүгэр, күн сирин көрбүт оҕолору таһаарыы үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.

Бу күн Перинатальнай кииҥҥэ 16 оҕо төрөөбүт, ол иһигэр 10 уол уонна 6 кыыс. Төрөппүттэри Доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Татьяна Павлова, ЯРКБ кылаабынай бырааһа Алена Никитина, СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Елена Теплякова, «Арассыыйа ийэлэрэ» ЯРО бэрэссэдээтэлэ Прасковья Борисова эҕэрдэлээтилэр. Үгэс быһыытынан төрөппүттэргэ ийэ хапытаалын, тус сыаллаах хапытаал сэртипикээттэрин, ону тэҥэ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин, ЯРКБ уонна балыыһа партнердарын өйдөбүнньүк бэлэхтэрэ туттарылыннылар.

16 ыал бары «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытааллары туттулар. Биэс ыалга бастакы оҕолоро төрөөтө, онон кинилэргэ биир кэмнээх төлөбүр сэртипикээттэрэ туттарылыннылар. Алта ыалга иккис оҕолоро күн сирин көрөн,  өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала ананна. Биир ыал элбэх оҕоломмутунан 300 тыһыынча солкуобайдаах «Дьиэ кэргэн»  ийэ хапытаала, ону тэҥэ түөскэ кэтиллэр бэлиэ туттарылынна. Үс элбэх оҕолоох ыалга элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн дастабырыанньатын саҥа көрүҥэ бэрилиннэ.

Саха сиригэр саҥа төрөөбүт оҕолору уонна ийэлэри  өйөөһүҥҥэ балыыһаттан таһаарыы тэрээһинэ сыл ахсын ыытыллар. Быйыл тэрээһин дойдуга Дьиэ кэргэн, ону сэргэ Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар ананна. Саха сиригэр 10 ый устата 8 939 оҕо төрөөбүт, кинилэртэн 4 394-дэ кыргыттар,  4 545-һэ уолаттар.

Санатан эттэххэ, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Демография» национальнай бырайыак соруктарын толорууга Саха сиригэр «Үйэ оҕолоро»  тус сыаллаах хапытаал олохтоммута. Бу хапытаал биэс сылга уһатыллан сыллата индексацияланыа.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: