Дьокуускайга икки автовокзал тутуллуоҕа
Дьокуускайга икки саҥа автовокзалы тутуохтара уонна билигин үлэлии турар автовокзалы сабыахтара. Бу туһунан куорат мээрэ Евгений Григорьев «Россия 24» ханаалга «Прямой эфир с городом» биэрии кэмигэр иһитиннэрдэ.
Дьэ, ханна саҥа автовокзаллар тутуллаллара былааннанар эбитий? Аэропорт уонна Гимеин оройуонугар Национальнай мэдиссиинэ киинин аттыгар тутуллуохтара диэн мээр Евгений Григорьев эттэ.
— Күн аайы Дьокуускайга куорат таһыттан 65 улахан оптуобустар киирэллэр-тахсаллар. Онон уулуссаларга харгыстар үөскүүллэр. Куорат киинигэр тиийиэхтэригэр диэри, уматыктарын да барыыллар. Онон аэропорт уонна Гимеин оройуоннарыгар саҥа автовокзаллары тутуохпутун баҕарабыт. Тоҕо диэтэр, бу суоллар табыгастаах буолан, куорат таһынааҕы сырыы сыаната түһүө, куорат иһинээҕи сыаналары кытта тэҥнэһиэ этэ. Куорат киининээҕи суолларга массыына сырыытын харгыстаныыта аҕыйыаҕа. Автовокзал куорат килбэйэр киинигэр турара табыгаһа суох, — диэн Евгений Григорьев бэлиэтээтэ.
Оттон Октябрьскай уулуссаҕа турар автовокзал оннугар оскуоланы, эбэтэр, эбии үөрэхтээһин эбийиэгин тутар былаан баар.
Ыспыраапка:
Октябрьскай уулуссаҕа билигин үлэлии турар автовокзал дьиэтэ 1978 сыллаахха тутуллан киирбитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: