Дьокуускайга икки автовокзал тутуллуоҕа

Share

Дьокуускайга икки саҥа автовокзалы тутуохтара уонна билигин үлэлии турар автовокзалы сабыахтара. Бу туһунан куорат мээрэ Евгений Григорьев «Россия 24» ханаалга «Прямой эфир с городом» биэрии кэмигэр иһитиннэрдэ.

Дьэ, ханна саҥа автовокзаллар тутуллаллара былааннанар эбитий? Аэропорт уонна Гимеин оройуонугар Национальнай мэдиссиинэ киинин аттыгар тутуллуохтара диэн мээр Евгений Григорьев эттэ.

Күн аайы Дьокуускайга куорат таһыттан 65 улахан оптуобустар киирэллэр-тахсаллар. Онон уулуссаларга харгыстар үөскүүллэр. Куорат киинигэр тиийиэхтэригэр диэри, уматыктарын да барыыллар. Онон аэропорт уонна Гимеин оройуоннарыгар саҥа автовокзаллары тутуохпутун баҕарабыт. Тоҕо диэтэр, бу суоллар табыгастаах буолан, куорат таһынааҕы сырыы сыаната түһүө, куорат иһинээҕи сыаналары кытта тэҥнэһиэ этэ. Куорат киининээҕи суолларга массыына сырыытын харгыстаныыта аҕыйыаҕа. Автовокзал куорат килбэйэр киинигэр турара табыгаһа суох, — диэн Евгений Григорьев бэлиэтээтэ.

Оттон Октябрьскай уулуссаҕа турар автовокзал оннугар оскуоланы, эбэтэр, эбии үөрэхтээһин эбийиэгин тутар былаан баар.

Ыспыраапка: 

Октябрьскай уулуссаҕа билигин үлэлии турар автовокзал дьиэтэ 1978 сыллаахха тутуллан киирбитэ.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

5 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

7 часов ago