Дьокуускайга элбэх кыбартыыралаах дьиэ умайда, икки киһи өлбүт
06.09.2024, 08:18
Хаартыска: ЫБММ пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:
Бөлүүн, балаҕан ыйын 6 күнүгэр, Дьокуускайга Хабаров аатынан уулуссаҕа икки этээстээх дьиэ умайда.
Баһаарга үс киһи эчэйбит, олортон иккитэ суорума суолламмыт. Бу туһунан Саха сиринээҕи ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Баһаарга дьиэ иккис подъеһа умайбыт уонна 200 квадратнай миэтэрэ иэнэ уокка былдьаммыт.
«Миэстэтигэр баһаар төрүөтүн олохтуурга ЫБММ дознавателэ үлэлиир. Иһитиннэрии чуолкайданар», — диэн ЫБММ иһитиннэриитигэр ыйыллыбыт. Баһаары умуорууга 54 киһи уонна 10 тиэхиньикэ үлэлээбит.
+1
+1
+1
+1
+1
9
+1
2
+1
4
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: