Дьокуускайга икки кыыс оҕону ийэлэрэ быһаҕынан эчэппит

Share

Дьокуускай полициятын отделын дьуһуурунай чааһыгар киин куорат Михаил Николаев аатынан проспегар турар элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ подъеһыгар ыаллыы олорор дьоҥҥо араас эчэйиини ылбыт кыыс тоҥсуйар диэн биллэрии киирбит.

Полиция быһаарбытынан, икки саастарын ситэ илик кыыс оҕолорун паачка табаҕы булбакка ийэлэрэ быһаҕынан эчэппит. Бу туһунан Саха сиринээҕи ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Үс оҕолоох 33 саастаах дьахтар 10 уонна 12 саастаах кыргыттарыгар паачка табаҕы миэстэтигэр булбакка оҕолоругар саба түспүтэ быһаарылынна. Бастаан утаа дьахтар оҕолору кырбаабыт, оттон быһаҕынан охсон бааһырдыбыт.  Ханнык эрэ түгэҥҥэ 10 саастаах кыыс подъезка сүүрэн тахсыбыт уонна ыаллыы олорор дьоҥҥо тыллаабыт. 12 саастаах кыыска кэтэҕэ быһаҕынан хайа сотуллубутун диагностаабыттар. Кыракый кыыс тарбахтара бааһырбыт. Ону таһынан кыргыттарга эмиэ атын араас эчэйиини ылбыттарын быһаарбыттар.

Эмсэҕэлээбит кыргыттары социальнай-реабилитационнай кииҥҥэ, онтон үс саастаах уол оҕону Өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэҥҥэ көмөлөһөр кииҥҥэ киллэрбиттэр. Оҕолор ийэлэрин полиция отделыгар хаайбыттар. Дьахтар арыгы испэтэҕэ билиннэ. Холуобунай дьыала тэрилиннэ. Холуобунай дьыала Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэккэ бэрилиннэ.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
4
+1
1
+1
1
+1
59
+1
1
+1
11

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

50 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

10 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

12 часов ago