Сыл бүтүөр диэри Дьокуускайга Роман Дмитриев уонна Сайсары күөл набережнайдарын тупсарыы үлэтэ түмүктэнэрэ былааннанар.
202- с микрооройуоҥҥа набережнай саҥардыытыгар исписэлиистэр үлэлэрин 85% толордулар. Үлэ хаамыытын кытта Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков билистэ. Роман Дмитриев набережнайыгар аспаал кутуутун ыыттылар уонна тырааныспар сырыытын хааччыйдылар. «Тротуар билиитэтин ууруу үлэтэ барар. Бу өрөбүллэргэ аспаал кутуутун үлэтэ түмүктэммит. Эбийиэк бэлэмэ — 85%. Балаҕан ыйын бүтүөр диэри үлэни толору бүтэриэхпит. Көҕөрдүү, сырдатыы, ууруналары уонна ыскаамыйалары туруоруу хаалла. Тырааныспар сырыыта хааччылынна», — диэн «Главстрой» тэрилтэ дириэктэрин солбуйааччы Афанасий Александров кэпсээтэ.
Сайсары күөл кытылын набережнайыгар кафелар уонна былаһааккалар баар буолуохтара. Мантан урут куорат олохтоохторугар анаан сорҕото эрэ үлэлиирэ. Үлэ сорҕото былырыын оҥоһуллубут, ол иһигэр эргэ билиитэлэри көтүрүү уонна биэрэги бөҕөргөтүү ыытыллыбыт. «Биһиги Сайсары күөлүн тупсарыыга үлэлиибит. Эбийиэк бэлэмэ — 60 %- тан тахса. Тротуар билиитэтин уурабыт, ону таһынан тротуардары уонна бэлисипиэт суолларын аспааллыырга, күрүөтүн туруоруу, кыһыҥҥы кафелары оҥоруу уонна сырдатыы үлэтэ ыытыллар. Кырапыкка сөп түбэһиннэрэн, сэтинньи бүтүүтэ эбийиэги бүтэриэхтээхпит. Кафе, кыра архитектурнай тутуулар, былаһааккалар баар буолуохтара», — диэн «Главстрой» тэрилтэ дириэктэрэ Алексей Варламов иһитиннэрдэ.
Ону тэҥэ Дьокуускайга Ленин аатынан болуоссаты саҥардыы үлэтэ бара турар. Эбийиэк бэлэмэ — 70%. Санатан эттэххэ, бу бырайыактары олоххо киллэрии дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бигэргэппит Дьокуускай куорат маастар-былаанын чэрчитинэн 1,5 млрд солк. тахса суумалаах кирэдьиит үбүн суотугар оҥоһуллар.
«Бу биһиги куораппыт саамай биллэр миэстэлэринэн буолуохтара. Бары бырайыактар — Ил Дархан Айсен Николаев тус сорудаҕа. Кини быйыл туох баар үлэни тупсаҕай тутуулаах куорат эйгэтин тэрийии федеральнай өйөбүл чэрчитинэн толорорго соругу туруорбута. Итини тэҥэ өрөспүүбүлүкэ бүдьүөтүттэн үп-харчы көрүллүбүтэ», — диэн бэлиэтээтэ Кирилл Бычков.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…