Дьокуускайга итирдэр утаҕы иһиини сэрэтэр стратегическай сиэссийэ буолан ааста
Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт дьон балаһыанньаны тупсарарга быһаччы тугу гынары, бэрээдэги кэһиини сэрэтэр уорганнар туох сүрүн кыһалҕалаахтарын дьүүллэстилэр.
Итирик туруктаах сылдьан буруйу оҥоруу уопсай ахсаана аччаабытын да иһин, РФ субъектарын иһигэр Саха сирэ итирик туруктаах сылдьан буруйу оҥорор биэс эрэгийиэн иһигэр киирэр. Бу барыта сэрэтэр үлэ ситэ барбатын көрдөрөр.
Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина стратегическай сиэссийэттэн саҥа бырайыактары, көдьүүстээх миэрэлэри, ураты көрүүнү кэтэһэрин эттэ.
“Өрөспүүбүлүкэҕэ итирик туруктаах сылдьан буруйу оҥорууну утары охсуһуу, сэрэтэр үлэ уруккуттан былааннаахтык ыытыллар, итирдэр утаҕы атыылааһын эмиэ хонтуруолланар. Ол эрээри буруйу оҥоруу аччаабат. Тоҕо? Биһиги хайдах гынан буруйу оҥорууну аччатабыт? Сиэссийэни иилээн-саҕалаан ыытар Инновационнай менеджмент үрдүк оскуолата бу ыйытыыларга хоруйу булуо дии саныыбын”, — диэтэ вице-премьер Ольга Балабкина.
Юстиция судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Иванов тэрээһиҥҥэ сэрэтэр үлэни ыытар тэрилтэлэр бары хабыллыбыттарын эттэ: ИДьМ, СӨ Борокуратуурата, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ, Наркологическай диспансер, о.д.а. Маннык стратегическай сиэссийэ бастакытын ыытыллар, ол гынан баран, Юстиция кэмитиэтэ кэмиттэн кэмигэр ыытан, онно ылыллыбыт быһаарыылары олоххо киллэрэр былааннаах. Көдьүүстээх тэрээһиннэри “Буруйу оҥорууну сэрэтии” өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бырагырааматыгар киллэриэхтэрэ, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: