Дьокуускайга итирик суоппар ДПС массыынаны кытта харсыста

Дьокуускайга итирик суоппар ДПС массыынаны кытта харсыста

Ааптар:
31.05.2024, 16:17
Хаартыска: ГИБДД пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 30 күнүгэр Дьокуускай куорат Окружной шоссеҕа күнүс 14:00 чаас саҕана ДПС үлэһиттэрэ дьуһуурустуба кэмигэр «Тойота Рактис» массыына суоппарын тохтоторго соруммуттар.

Ол эрээри, ГИБДД үлэһиттэрин сокуоннай ирдэбиллэрин толорбокко эдэр суоппар куотарга санаммыт. Тырааныспары эккирэтии саҕаламмыт.  Суоппар саахал таһаарар кутталы үөскэтэри таһынан, ГИБДД үлэһиттэрин ирдэбиллэрин истибэтэх.

Петр Алексеев аатынан уулусса « 72/2 «а» №-дээх дьиэтин аттыгар «Тойота Рактис»  массыына суоппара ДПС массыынатын кытта харсыспыт. Суоппары тохтотор инниттэн ДПС иниспиэктэрэ массыынаттан тахсан баран, икки массыына ардыларыгар кыбыллыбыт уонна улахан эчэйиини ылбыт. Суоппар тутуллубут. Бэрэбиэркэ кэмигэр «Тойота- Ракис» массыына 33 саастаах суоппара тырааныспары ыытар дастабырыанньата суох сылдьыбыта быһаарылынна, ону таһынан инники  административнай эппиэтинэскэ тардыллыбыта, итини сэргэ итирик туруктаах сылдьан сууттаммыта билиннэ. Миэстэтигэр бэрэбиэркэ түмүгүнэн эр киһи итирик туруктаах сылдьыбыта быһаарылынна.

Суоппарга административнай дьыала, ону таһынан холуобунай дьыала тэриллэригэр силиэстийэ ыытыллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
4
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: