Дьокуускайга ититэр ситим трассатыгар тахсыбыт алдьаныыны бүгүн туоратыахтара

Share

Дьокуускайга аэропуорт оройуонугар ититэр ситим трассатыгар тахсыбыт алдьаныыны бүгүн туоратыахтара. Өрөмүөн хайдах тэриллибитин манна ааҕыҥ:

Бүгүн, сэтинньи 14 күнүгэр, 8:30 чааска Дьокуускайдааҕы ТЭЦ магистральнай утаҕар ититэр ситим трассатыгар алдьаныы таҕыста. Чөлүгэр түһэриини үлэ күнэ бүтүүтэ түмүктүөхтэрэ. Оннук соругу бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников ыксаллаах балаһыанньалары сэрэтиигэ, туоратыыга уонна баһаартан куттал суох буолуутун хааччыйыыга өрөспүүбүлүкэ хамыыһыйатын мунньаҕар туруорда.

ОДьКХ уонна энергетика миниистирэ Вячеслав Емельянов иһитиннэрбитинэн, Ураһа Молл эргиэн комплексын утары Кыайыы пааркатын оройуонугар ититэр ситим трассата тирэҕиттэн түһүүтэ таҕыста.

“Бу үлэҕэ 20 киһи уонна 5 тиэхиньикэ кыттар, өссө Дьокуускайдааҕы уот өрөмүөнүн хампаанньатын 20 үлэһитэ саахалы туоратыыга үлэлииргэ бэлэмнэр. Ититэр ситимтэн ууну сүөкээбиттэрэ. Тимири иһэрдэр үлэ ыытылынна. Онтон ититэр ситими кыраанынан көтөхтөрүөхтэрэ, онон 18.00 чааска ууну толорон, сылааһы биэриэхпит”, — диэтэ биэдэмистибэ баһылыга.

Дьиҥэ, сылааһынан хааччыйыы толору хааччахтамматаҕа,  температурата намтаабыта.  288 туһанааччы – 131 элбэх кыбартыыралаах дьиэ, 6 кэтэх ыал дьиэтэ, социальнай эбийиэктэр саахал тахсыбыт оройуонугар  бааллар.

Онон тустаах бэрэбиэркэ ыытыллыаҕа.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин  Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Мария Васильева түһэриитэ, ЯСИА

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

2 часа ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ханна ноҕурууска улаханый?

Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…

3 часа ago