Дьокуускайга социальнай эбийиэктэргэ уонна олорор дьиэлэргэ ититиини биэрии саҕаланна.
Бүгүҥҥү күҥҥэ 246 социальнай эбийиэк (67,6%) уонна 283 элбэх кыбартыыралаах дьиэ (9,9%) сылааска холбонно. Бу туһунан куорат уокуруктааҕы дьаһалтата иһитиннэрдэ.
Былааннаммыт 338 социальнай эбийиэктэн 325-гэр, ону тэҥэ былааннаммыт 2554-тэн элбэх кыбартыыралаах дьиэттэн 2244 дьиэҕэ ититии тиһиктэрин ыраастаатылар. Олорор дьиэҕэ сылааһы биэриигэ туһуламмыт пааспардары 345 социальнай эбийиэккэ уонна 1203 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ биэрбиттэр.
Саха сирин хапытаалынай өрөмүөҥҥэ пуондата элбэх кыбартыыралаах 27 дьиэҕэ сылааһынан хааччыйар систиэмэни өрөмүөннээһини түмүктүүр былааннаах. Дьокуускайга 74 хочуолунайы үлэлэтэр 14 тэрилтэ ититиинэн хааччыйар үлэни ыытар. Итинтэн 48 котельнай үлэтин саҕалаата.
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…
Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…
Сэтинньи 22 күнүгэр Индигир өрүс төрдүгэр былыр-былыргыттан олохсуйан олорор Русскай Устье, Походскай сэлиэнньэлэр олохтоохторун устуоруйаларыгар,…