Ыам ыйын 24 күнүгэр киин куорат Кыайыы болуоссатыгар Саха кадетскай интэринээт-оскуолатын выпускниктарыгар тиһэх чуораан тыаһаата.
Тохсус уонна уон биирис кылаас үөрэнээччилэригэр үөрүүлээх линейка сиэрэ-туома ыытылынна. Бэлиэ күнүнэн кадеттары СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Нюргуна Соколова эҕэрдэлээтэ.
«Эһиги дойду, өрөспүүбүлүкэ, дьиэ кэргэҥҥит уонна Саха кадетскай оскуола-интэринээт оскуолатын эрэлэ буолаҕыт улахан. Бу оскуолаҕа үөрэнэ киирэн, эһиги дойдуга ытык иэскитин биэрэр, бэриниилээх, тапталлаах буолуугутун көрдөрөҕүт. Кэлэр эксээмэннэри ситиһиилээхтик туттаран, күүтүүлээх аттестаттары ылан, туруоруллубут соруктары ситиһэргитигэр баҕарабын!», — диэн Нюргуна Соколова бэлиэтээтэ.
Интэринээт-оскуола дириэктэрэ Алексей Корякин кэпсииринэн, быйыл уон биирис кылааһы 22 оҕо бүтэрэр, онтон тохсус кылааһы — 18. Кини кадетскай оскуолаҕа үөрэнэр сыллар кэмигэр хас биирдии выпускник инники олохторугар хайаан да наадалаах билиини, сатабыллары ылбыттарыгар эрэнэрин биллэрдэ.
«Биһиги кадеттарбыт иннилэригэр судаарыстыбаннай түмүк аттестациялар кэтэһэллэр уонна талбыт үөрэх кыһаларыгар киирэллэрэ күүтэллэр. Биһиги оҕолорбутугар байыаннай- патриотическай хайысхалаах бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттыбыттарыгар махтанабыт. Биһиги кинилэринэн олус киэн туттабыт уонна бары үчүгэйи баҕарабыт», — диэн Алексей Корякин эттэ.
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…
РФ Үөрэҕириитин уонна Үөрэҕи, билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа кэлэр сыллааҕы биир кэлим эксээмэн, сүрүн…
Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…
Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…
«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…