Дьокуускайга Көхтөөх уһун үйэлэнии киинэ тэриллиэҕэ

Share

2024 сылга көхтөөх уһун үйэлэниини өйүүргэ муниципальнай бырагырааманы үбүлүүргэ 5 мөлүйүөн солкуобайы көрүөхтэрэ. Улуустарга күрэс биллэриллиэҕэ.  Ону тэҥэ, көхтөөх уһун үйэлэнии киинэ тэриллиэҕэ. Ол туһунан үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэр. 

Дбокуускайга Көхтөөх уһун үйэлэнии киинэ тэриллиэҕэ. Билигин сөптөөх дьиэни көрдүү сылдьаллар. Бу кииҥҥэ саастаах дьон алтыһарыгар усулуобуйа оҥоһуллуоҕа, маастар-кылаастары ыытыахтара, куруһуоктар буолуохтара. Ону тэҥэ, социальнай хайысхалаах Элбэх өҥөнү оҥорор киин аһыллыаҕа.

Көхтөөх уһун үйэлэнии киинигэр ким баҕалаах сылдьыан, дьарыктаныан сөп. Бу киин саастаах дьон дьиэҕэ олорон хаалбакка, бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыһан, элбэххэ үөрэнэн, көхтөөх буолалларыгар, үйэлэрин уһаталларыгар туһуланар үлэни ыытыаҕа.

Ил Дархан Айсен Николаев Анал этиитигэр көхтөөх уһун үйэлэниини өйүүргэ соруктары биллэрбитэ. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ киһи олоҕун орто уһуна 73 сааска тэҥнэһэр, кэлэр 5 сылга 78 сааска диэри уһатар былааннаахтар. 2030 сылга киһи олоҕун орто уһуна 80 сааска тэҥнэһиэхтээх диэн соругу туруорбута.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

5 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

1 час ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

1 час ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

1 час ago
  • Сонуннар

Оҕолор нэһилиэктэрин сонунун куйаар ситимигэр таһаардылар

Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…

2 часа ago