Дьокуускайга киһи өлүүлээх суол быһылаана таҕыста
Бүгүн, муус устар 23 күнүгэр, сарсыарда 06 чаас саҕана Госавтоиниспиэксийэ дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куоракка Богдан Чижик уулусса 3 нүөмэрдээх дьиэтин таһыгар киһи эчэйиилээх суол быһылаана тахсыбытын туһунан иһитиннэрии киирбит.
ГИБДД үлэһиттэрэ быһылаан тахсыбыт сиригэр тиийбиттэрэ, барыллааһын быһыытынан, 1993 сыллаах төрүөх суоппар «Toyota Land Cruiser Prado» массыынанан Хабаров уулусса өттүттэн 50 лет Советской Армии уулусса диэки олус түргэнник айаннаан иһэн, суол уонна метеорологическай усулуобуйаны учуоттаабакка, уруулун кыайан туппакка, атын балаһаҕа тахсан утары иһэр «Suzuki Escudo» массыынаны кытары харсыспыт.
Барыллаан бэрэбиэркэ түмүгүнэн биллибитэ, «Toyota Prado» суоппара «B,B1,C» категориялаах, 2011 сылтан массыынаны ыытар бырааптаах эбит. Ол гынан баран арыгы испитэ быһаарыллыбыт.
«Suzuki Escudo» массыынаҕа олорон испит 1976 сыллаах төрүөх дьахтар суорума суолламмыт, оттон 2005 сыллаах төрүөх пассажир кыра эчэйиилэри ылбыт диэн https://t.me/gibdd14 телеграм ханаалга иһитиннэрдилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: