Дьокуускайга киһи өлүүлээх суол быһылаана таҕыста

Share

Бүгүн, муус устар  23 күнүгэр, сарсыарда 06 чаас саҕана   Госавтоиниспиэксийэ дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куоракка Богдан Чижик уулусса 3 нүөмэрдээх дьиэтин таһыгар киһи эчэйиилээх суол быһылаана тахсыбытын туһунан иһитиннэрии киирбит.

ГИБДД үлэһиттэрэ быһылаан тахсыбыт сиригэр тиийбиттэрэ, барыллааһын быһыытынан,  1993 сыллаах төрүөх  суоппар  «Toyota Land Cruiser Prado» массыынанан  Хабаров уулусса өттүттэн  50 лет Советской Армии уулусса  диэки олус түргэнник  айаннаан иһэн, суол уонна  метеорологическай усулуобуйаны учуоттаабакка,  уруулун кыайан туппакка, атын балаһаҕа тахсан утары иһэр  «Suzuki Escudo» массыынаны кытары харсыспыт.

Барыллаан бэрэбиэркэ түмүгүнэн биллибитэ, «Toyota Prado» суоппара  «B,B1,C» категориялаах,  2011 сылтан массыынаны ыытар бырааптаах эбит. Ол гынан баран арыгы испитэ быһаарыллыбыт.

«Suzuki Escudo» массыынаҕа олорон испит 1976 сыллаах төрүөх дьахтар  суорума  суолламмыт, оттон 2005 сыллаах төрүөх пассажир кыра эчэйиилэри ылбыт диэн https://t.me/gibdd14 телеграм ханаалга иһитиннэрдилэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago