Дьокуускайга «Кино на службе Отечеству» бэстибээл саҕаланна
Саха сиригэр ахсынньы 10 күнүгэр «Кино на службе Отечеству» көһө сылдьар норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл саҕаланна.
Ахсынньы 13 күнүгэр диэри олохтоохтор анал байыаннай дьайыы туһунан документальнай киинэлэри көрүөхтэрин, фронтовик режиссердар уонна музыканнар айымньылаах үлэлэрин көрсүһүүлэргэ сылдьан билсиэхтэрин сөп.
«Бэстибээл Арассыыйа 53 эрэгийиэнигэр, ону тэҥэ Белоруссияҕа, Сирияҕа уонна Ираҥҥа буолан ааспыта. Саха сиригэр улахан бырагыраамалаах аан бастакытын кэллибит. Биһиги авторскай киинэлэри көрдөрүөхпүт, режиссердары кытта көрсүһүүнү ыытыахпыт, байыастар музыкальнай нүөмэрдэрин толоруохтара. Биһиги бэстибээлбит дьон хараҕын арыйарыгар, ханна кырдьык, ханнык уолаттар фроҥҥа баралларын, онно туох буола турарын көрдөрөргө ананар», — диэн бырагыраама дириэктэрэ Ильдар Бурматов иһитиннэрдэ.
Бэстибээл аһыллыытыгар өрөспүүбүлүкэ устудьуоннарыгар Артемовскай куораты ылыы уонна нэһилиэнньэтин эрэйин-муҥун көрдөрөр «Я иду Домой» документальнай киинэни көрдөрдүлэр.
«Бу боевой фроҥҥа уһуллубут аҕыйах киинэттэн биирдэстэрэ. Киинэни 2023 сылга ый кэриҥэ уһулбуттара. Биһиги штурмовой подразделениелары кытта бииргэ олорбуппут, подвалга хонон, биир аһы аһаан, Артемовскай куоракка тиийбиппит», — диэн киинэ режиссердарыттан биирдэстэрэ Андрей Ященко санаатын СИА-ҕа үллэһиннэ.
Бэстибээлгэ «Отважные. Сёстры», «Отважные. Про любовь. Регулярная армия» уонна «Отцы Донбасса» киинэлэри көрдөрүөхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: