Дьокуускайга — Кириһиэнньэ сөтүөтэ

Share

Бүгүн, тохсунньу 18 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев үгэс быһыытынан Өлүөнэ эбэҕэ Кириһиэнньэ сөтүөтүгэр кытынна.

Үгэс быһыытынан кириһиэнньэ сөтүөлүүр сирин Дьокуускайдааҕы уонна Ленскэйдээҕи архиепископ Роман сибэтии гынна.

Өрөспүүбүлүкэ Баһылыга кириһиэнньэ сөтүөтүгэр Дьокуускай куоракка сөргүтүөхтэриттэн кыттар. Санатан эттэххэ, Дьокуускайдааҕы уонна Ленскэйдээҕи Владыка Зосима көҕүлээһининэн, 1917 сылтан тохтообут, сибэтиэй ууга сөтүөлээһин сиэрэ-туома Дьокуускайга 2006 сыллаахха ыытыллыбыта.

«Кириһиэнньэ сөтүөтэ сөргүтүллүөҕүттэн мин көтүппэккэ сылдьабын. Кириһиэнньэ сөтүөтүгэр кыттыы, бу сибэтии гыныллыбыт улуу Өлүөнэ эбэ уутугар умсаахтаан ылар улахан суолталаах духуобунай дьайыы буолар», – диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

Кэнники сылларга православнай итэҕэллээх дьон Кириһиэнньэ сөтүөтүгэр ууга чомполоноллоро үгэскэ кубулуйда. Ааспыт сылларга бу кэмнэргэ сымнаһыар, сылаас кыһыннар буолан, -40 кыраадыстан эрэ тахсара. Быйыл дьэ мутук тостор томороон тымныыта үгэннээн түһэн, -53 тахса буолан турар кэмэ.  Айсен Сергеевич эппитинэн, маннык -50 намыһах кыраадыстаах тымныыга кини бу иккис сөтүөлээһинэ.

Ил Дархан Айсен Николаев: «Бүгүн -53 кыраадыс тымныы. Архиепископ Роман этэрин курдук, ууга умсарга үҥэр-сүктэр мэлииппэ ааҕыллыахтаах. Мин бу күн мэлдьэ таҥара дьиэтигэр сулууспаҕа сылдьабын,  куһаҕан дьайыылартан ыраастанабын. Норуоппут олоҕо тупсарын туһугар оҥорор үтүө дьыаланы оҥорорбутугар көмөлөһөрүгэр,  Айыы Таҥараттан бырастыы гынарыгар уонна ыараханнартан босхолууругар көрдөһөбүн», – диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

Итини сэргэ кини бу күннэргэ Саха сиригэр хаһааҥҥытааҕар даҕаны тымныы түһэн турарын бэлиэтээтэ. Тыбыс тымныы ууга умсан ылыы киһи доруобуйатыгар охсуулаах буолуон сөп, онон, бастатан туран, бэйэни көрүнэн сөтүөлүүллэрин тоһоҕолоон эттэ.

Кириһиэнньэ сөтүөтүгэр анал балааккаларга водолазтары таһынан СӨ Быыһыыр сулууспатын, мэдиссиинэ, ЫБММ, ИДьМ, Баһаарынай сулууспа, ГИМС үлэһиттэрэ дьуһуурунайдыыллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өбүгэ итэҕэлэ

Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…

5 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Бу — интэриэһинэй. Зонтигы ким айбытай?

Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Босхо мэдисиинискэй көмөҕө уларыйыы киирдэ

РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Амма сыырын Москваҕа уонна Благовещенскайга атыылаан эрэллэр

Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Трамп Гренландияны тоҕо былдьаста?

Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Сылгыны өҥүнэн, сааһынан наардааһын

Бүгүн ааҕааччыларбытыгар П.С.Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ,  “Инникигэ хардыы” научнай- практическай…

2 часа ago