Өрөспүүбүлүкэтээҕи кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэтигэр тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, САССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала Клавдия Слепцова 101 сылын бэлиэтээтилэр.
Ытык кырдьаҕаһы аймахтара, Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэс устудьуоннара уонна Үлэ министиэристибэтин салалтата эҕэрдэлээтилэр.
«Биһиги интэринээппит дьиэтигэр үс тыыл бэтэрээнэ уонна 17 сэрии оҕото олорор. Бүгүн Клавдия Николаевна 101 сылын бэлиэтээтибит. Төрөөбүт күнүнэн аймахтара, уола, сиэннэрэ эҕэрдэлээтилэр. Чугас дьоно кинини кытта нэдиэлэ ахсын көрсөллөр. Клавдия Николаевна дириҥ ытыктабыллаах аҕам саастаах киһибит, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, РСФСР норуодунай үөрэҕириитин туйгуна. Уһун үйэлээх учуутал Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларын олус үчүгэйдик өйдүүр», — диэн интэринээт-дьиэ дириэктэрин эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Ирина Садовникова кэпсээтэ.
Клавдия Слепцова 1924 сыллаахха Тамбовскай губерниятыгар Беднодемьяновск куоракка бааһынай ыалга күн сирин көрбүтэ. 1948 сыллаахха Горькайдааҕы педагогическай үнүстүүтү бүтэрэн, Дьокуускайдааҕы педагогическай училищеҕа преподавателинэн анаммыта. Ол кэмтэн ыла Саха сиригэр үлэтэ саҕаламмыта.
Санатан эттэххэ, Дьокуускайга Уһун үйэлэнии киинэ 2026 сылга тэриллэрэ былааннанар. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев сыл ахсын ыытыллар пресс-кэмпириэнсийэ кэмигэр иһитиннэрбитэ.
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…
Бу күннэргэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Симэх” национальнай кииҥҥэ “Аттаран тигии абылаҥа алыптаах…
Ил Дархан Айсен Николаев мииринэйдэри оройуон 60 сылынан эҕэрдэлээтэ. Тохсунньу 27 күнүгэр Мииринэйгэ үөрүүлээх тэрээһин…
Үгүлээт нэһилиэгэр “Эдэр ыччат-биир сомоҕо” култуурунай-спортивнай бэстибээл ыытылынна. Бу уопсастыбаннай диэйэтэл, бэлиитик Савва Михайлов кэриэһигэр…
Эти-хааны эрчийиэххэ. Дьиэ хомуйа, ас астыы сылдьан, дьыбааҥҥа сынньана сытан, кинигэ ааҕа олорон хаан эргииригэр,…
Үс эдэр киһи кэлбит дьоҥҥо остуолга кэчигирэппит, оччотооҕу Ленинград блокадатыгар курдук 125 кыраамнаах килиэби кытта…