Дьокуускай куорат киинигэр арт-эбийиэк саҥардылынна
Оптуорунньукка, ыам ыйын 28 күнүгэр, куорат уокуруктарын уонна куорат таһынааҕы уокуруктар салайааччылара субуотунньукка түмсэн, киин куорат «Московскай» искибиэригэр «Я люблю Якутск» мас арт-эбийиэги саҥартылар.
Искибиэр территориятын эмиэ тупсардылар. Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев салайааччылар көҕүлээһиннэрин өйөөтө. Центральнай уокурук салайааччыта Айсен Куличенко бэлиэтээбитинэн, маннык хабааннаах араас үлэлэр тиһигин быспакка ыытыллаллар.
««Московскай» искибиэригэр мас тутууну кырааскалаатыбыт. Ону таһынан сотору кэминэн Дьокуускай куорат атын учаастактарынан өрөмүөннүүр-чөлүгэр түһэрэр үлэлэри ыытыахпыт, ол иһигэр тротуардар өрөмүөннэрин ыытыахпыт», — диэн быһаарда Айсен Куличенко.
Санатан эттэххэ, арт-эбийиэк «Московскай» искибиэргэ 2018 сыллаахха Дьокуускай куорат 386 сылыгар аһыллыбыта. 2017 сыллаахха уокурук дьаһалтата «Я люблю Якутск!» диэн куонкуруһу тэрийбитэ, сүүмэрдээһиҥҥэ «Восток+» хампаанньа эдэр архитектордара бастаабыттара. Ааптардар аҥардас арт-эбийиэк эрэ буолбакка, аныгылыы көстүүлээх дьон сынньалаҥыгар анаан тутарга этии киллэрбиттэрэ.
Эбийиэк каркааһа тимиртэн оҥоһуллубута уонна маһынан бүрүллүбүтэ. 10 миэтэрэ уһуннаах мас оҥоһугу тутууга тыһыынчаттан тахса мас элеменнэрэ туһаныллыбыта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: