Дьокуускайга кута-мата кыргыттарга күрэс буолла

Share

Дьокуускайга ураты күрэһи тэрийэн ыыттылар. Биир түүҥҥү кулуупка “Пышная красотка” диэн кута-мата кыргыттарга аналлаах күрэс ыытылынна. Манна 5 хорсун кэрэ аҥаар кытынна.

Хаартыска: СИА.

Кинилэр ааттара — Саида Феоктистова, Наталья Яркова, Светлана Нурова, Нина Вакуленко, Анна Пономарева. Күрэс 5 түһүмэхтээх. Кыргыттар бэйэлэрин билиһиннэрдилэр, дьоҕурдарын арыйар айар нүөмэрдэрин көрдөрдүлэр, «Спорт-шик» түһүмэххэ дьүүллүүр сүбэни сөхтөрдүлэр, киэргэнэн-симэнэн, кыраһыабай былааччыйаларын кэтэн, кубалыы нусхайа хаамтылар. Кыттааччылар олус дьоҕурдаахтарын, олоххо көхтөөхтөрүн, ийэ, кэргэн быһыытынан кыахтаахтарын көрдөрдүлэр.

Дьоро киэһэни эстрада ырыаһыттара Артур Семенов, Ольга Гермагенова, Евгений Мухин уонна Оксана Чупикова эҕэрдэлээтилэр.

Күрэс тэрийээччитэ уонна идиэйэ ааптара – Ксения Громова (Ксения Праздник). Ураты күрэһи “Крыша” эрэстэрээн, “Магия меха”, “Калинка” маҕаһыыннар, кэрэ сэбэрэ солуоннара өйөөтүлэр.

Көрөөччүлэр сөбүлээбит кыттааччыларыгар куоластаатылар. Оттон дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, “Пышная красотка” күрэс кыайыылааҕынан Саида Феоктистова буолла.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago