1941 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр биһиги дойдубут эйэлээх олоҕун фашисткай Германия уодаһаннаах саба түһүүтүнэн аймаабыта. Сэрии 1418 суукка устата барбыта. Бүгүн, бэс ыйын 22 күнүгэр Саха сирин олохтоохторо Кыайыы болуоссатыгар кыайыылаах буойуннар пааматынньыктарыгар сибэкки уурдулар, курҕан миитини тэрийдилэр.
Дойдуларын туһугар кыргыһыы толоонугар охтубут буойуннары, конлааҕырдарга эрэйи-муҥу көрбүт сиэртилбэлэри, Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар суох буолбуттары кэриэстээн биир мүнүүтэлээх тохтобул биллэрдилэр.
Барыбыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина митиҥҥэ тыл этэригэр бэс ыйын 22 күнэ Арассыыйа устуоруйатыгар суруллубутун, хас биирдии дьиэ кэргэн бу күнү – Кутурҕан күнүн билэрин бэлиэтээтэ.
“Бу күн биһиги Саха сирэ, Арассыыйа дьоллоох олоҕун, үлэлиирин туһугар олохторун толук уурбуттары кэриэстээн, махтанан ааһабыт. Биһиги – кыайыылаахтар ыччаттарабыт, бу – саамай суолталаах. 1941 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр туох буолбутун өрүү өйдүөхтээхпит уонна сэриигэ кыттыбыттарга, анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьааччыларга махтаныахтаахпыт. Махтал тыллара кинилэргэ күүс эбэр. Биһиги – күүстээх дойдубут! Күүстээх Арассыыйа!” – диэн Ольга Балабкина бэлиэтээтэ.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, Дьокуускай куорат 39-с нүөмэрдээх оскуолатын дириэктэрин куттал суох буолуутугар солбуйааччыта Иосиф Слепцов аныгы көлүөнэ, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр охсуспут, дойдуларын туһугар олохторун толук уурбут бары байыастар хорсун быһыыларын, эр санааларын билиэхтээхтэр диэн эттэ. “Сэрииттэн суох буолбуттары, күүтүүлээх-кэтэһиилээх кыайыыны уһансыбыттары кэриэстиэхтээхпит. Биһиги билигин эмиэ дойдубут интэриэһин көмүскүүр суолга туруннубут. Мин анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕабын, туруоруллубут сорук толоруллар диэн толору этэр кыахтаахпын. Биһиги албан ааттаах кыайыылаах өбүгэлэрбит үгэстэрин салгыыбыт. Ааспыт уонна билиҥҥи дьоруойдарбыт туһунан үйэлээх өйдөбүл хааллын! Кыайыы биһиги туспутугар буолуо!” – диэн Иосиф Слепцов бэлитээтэ. Салгыы манна ааҕыҥ.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…