Салгыы
Дьокуускайга кууһунан атыылыыр баазаҕа ас сыаната хайдаҕый?

Дьокуускайга кууһунан атыылыыр баазаҕа ас сыаната хайдаҕый?

18.08.2023, 11:15
Женни Стрюкова түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга кууһунан атыылыыр “Чернышевскай уулусса 66”  баазатыгар сыана хайдаҕый? Атыыһыттар атырдьах ыйын 1 күнүттэн аһы-үөлү хааччыйааччылар 20% үрдэппиттэрэ дэһэллэр. Ол да иһин буолуо, сыана кыра-кыралаан эбиллибит чинчилээх.

Хата, хортуоппуй киилэтин 70 солк. атыылыыллар, куоракка таһырдьа атыылана турардааҕар чэпчэки эбит. Хоруопкалаах үүт уонча солкуобай курдук ыараабыт. Холобура, Белоруссия киэнэ. Ол оннугар Краснодар мохоруон бородууксуйатын сыаната уларыйбакка турар.

Туалет кумааҕыта ыараабыта харахха быраҕыллар. Сорох маҕаһыыннар 23 солк. 50 харчыга атыылыы турбуттара. Билигин 27-29 солк. тиийбит. Ол диэн туох буолуой, Таймылыырга 75 солк. дэһэллэр.

Үгүс атыылаһааччы “Барҕа баай” диэн маҕаһыыны сөбүлүүр. “Бары барыта толору, биир сиртэн ылан тахсаҕын”, — диэн. Кырдьык, аата да үчүгэй. Ити маҕаһыын аттыгар дьоҕус маҕаһыын баар, онно ас-үөл сөбүгэр сыаналаах. Киирэн көрбүт дьон хамаҕатык атыылаһаллар.

“Хоту-Ас” маҕаһыынын атыыһыттара: “Сыанабыт биир тэҥ турар, тутан турабыт”, — дэһэллэр. Манна күн аайы аахсыйалаах атыы тэриллэр буолан, дьон сэргиир.  Бэл, куораттааҕы үүт собуотун пачкалаах арыыта чэпчээн турара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: