Дьокуускайга кууһунан атыылыыр “Чернышевскай уулусса 66” баазатыгар сыана хайдаҕый? Атыыһыттар атырдьах ыйын 1 күнүттэн аһы-үөлү хааччыйааччылар 20% үрдэппиттэрэ дэһэллэр. Ол да иһин буолуо, сыана кыра-кыралаан эбиллибит чинчилээх.
Хата, хортуоппуй киилэтин 70 солк. атыылыыллар, куоракка таһырдьа атыылана турардааҕар чэпчэки эбит. Хоруопкалаах үүт уонча солкуобай курдук ыараабыт. Холобура, Белоруссия киэнэ. Ол оннугар Краснодар мохоруон бородууксуйатын сыаната уларыйбакка турар.
Туалет кумааҕыта ыараабыта харахха быраҕыллар. Сорох маҕаһыыннар 23 солк. 50 харчыга атыылыы турбуттара. Билигин 27-29 солк. тиийбит. Ол диэн туох буолуой, Таймылыырга 75 солк. дэһэллэр.
Үгүс атыылаһааччы “Барҕа баай” диэн маҕаһыыны сөбүлүүр. “Бары барыта толору, биир сиртэн ылан тахсаҕын”, — диэн. Кырдьык, аата да үчүгэй. Ити маҕаһыын аттыгар дьоҕус маҕаһыын баар, онно ас-үөл сөбүгэр сыаналаах. Киирэн көрбүт дьон хамаҕатык атыылаһаллар.
“Хоту-Ас” маҕаһыынын атыыһыттара: “Сыанабыт биир тэҥ турар, тутан турабыт”, — дэһэллэр. Манна күн аайы аахсыйалаах атыы тэриллэр буолан, дьон сэргиир. Бэл, куораттааҕы үүт собуотун пачкалаах арыыта чэпчээн турара.
Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…
Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо. [gallery…
Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…
Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…