Бүгүн Дьокуускайга Кыайыы болуоссатыгар бырааһынньыктааҕы — Кыайыы 78 сылыгар анаммыт оһуокай буолла.
Үгэс буолбут тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев кытынна. «Бу улуу бырааһынньыкка сүүһүнэн Саха сирин олохтоохторо илии илиилэриттэн ылсан, сомоҕолоһон оһуокайдаатылар. Биһиги Кыайыыны, урукку уонна билиҥҥи Дьоруойдарбытын уруйдуубут. Кыайыы биһиэнэ буолуоҕа!» – диэн Айсен Николаев эттэ.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Саха сириттэн 62 тыһыынчаттан тахса киһи ыҥырыллыбыта. Ол онтон аан дойдуну нацизмтан босхолуурга 38 тыһыынчаттан тахса киһи сырдык тыынын толук уурбута. Биһиги Аҕа дойду улуу сэриитин хас биирдии саллаатынан, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа буолбут биир дойдулаахтарбытынан киэн туттабыт!
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038
Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…