Дьокуускайга «Кыайыылаахтар бэстибээллэрэ» бастакытын буолла
Бүгүн, атырдьах ыйын 12 күнүгэр, Дьокуускай куорат «Стерх» успуорт киинигэр искэн ыарыытыттан эмтэммит 3 саастарыттан 17 саастарыгар диэри оҕолор кыттыылаах «Кыайыылаахтар бэстибээллэрэ» бастакытын буолан ааста.
Бэстибээл М.Е. Николаев аатынан Мэдиссиинэ национальнай киинин онкология салаатын 25 сыллаах үбүлүөйүгэр ананна.
Кыттааччылар дуобакка, саахымакка, буулдьанан ытыыга уонна чэпчэки атлетикаҕа күрэхтэстилэр.
Саха сиригэр искэн ыарыытын эмтиир сулууспа уопсастыбаннай куратора Людмила Николаева бэлиэтиир: “Бу маннык хабааннаах тэрээһиннэр дойду үрдүнэн уруккуттан буолаллар. Онкология салаатын уонна «Праздник жизни” пуонда (сал. Алена Атласова) көҕүлээһиннэринэн, бүгүҥҥү бэстибээл тэрилиннэ. “Алмаасэргиэнбаан” социальнай партнер быһыытынан кыттар. Оҕолорго, кинилэр чугас дьонноругар ыарахан ыарыыны кыайбыттара улахан ситиһии уонна кыайыы буолар. Тэрээһиҥҥэ биир санаалаахтар алтыһаллар уонна истиҥ сылаас сыһыаны олохтуурга сабыдыаллыыллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай тэрээһиннэр халандаарын саҕалыахха баара диэн санаа кэллэ. Төһөнөн үтүө дьыалаҕа элбэх дьону хабабыт, соччонон өрөспүүбүлүкэбитигэр чөл турук үксүө этэ, социальнай хапытаал бөҕөргүө этэ дии саныыбын».
Эльдар Садовников.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: