Дьокуускайга «күөх стандартынан» тутуллубут дьиэлэр баар буолуохтара
Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форум иккис күнүгэр ДОМ.РФ судаарыстыбаннай хампаанньа, өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай ааҕыныстыба уонна өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата ГОСТ Р («күөх стандарт») киритиэрийдэригэр сөп түбэһэр элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри сыаналыырга үс өрүттээх сөбүлэҥи түһэристилэр.
Сөбүлэҥ эбийиэктэринэн Дьокуускайга билигин тутулла турар уонна бырайыактанар дьиэлэр буолуохтара. Чуолаан диэн суруйдахха, «Звезднай» микро-түөлбэ уонна «Илин» кыбартаал.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай ааҕыныстыба генеральнай дириэктэрэ Владимир Трегубов этэринэн, ГОСТ Р тупсаҕай уонна дьон олоҕор экология өртүттэн куттал суоһаабатын диэн сыаллаах оҥоһуллубут стандарт буолар. Манна уон хайысханан сыана быһыллыа, ол иһигэр архитектура, учаастак былаана, тутууну тэрийии, салайыы, тиэргэн тупсаҕайа, хаачыстыбата уо.д.а.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: