Дьокуускайга Кыыллаахтан төрүттээхтэр аһымал кэнсиэри тэрийдилэр

Share

Сааскы халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах нэһилиэгин олохтоохторун өйүүр соруктаах, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа уопсастыбаннай өйөбүл ыстааба, кыыллаахтан төрүттээхтэр “Сомоҕо” түмсүүлэрэ А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр аһымал кэнсиэри тэрийэн ыыттылар.

Өлүөхүмэ улууһуттан Ил Түмэн дьокутаата Николай Кульбертинов: “Кыыллаахха элбэхтэ сырыттым, онно олорор дьону билэбин дии саныыбын. Халаан уута нэһилиэк ортотунан киирэн ааспытын тус бэйэм көрдүм, сүрэхпэр ыараханнык ылынным. Ааспыт нэдиэлэҕэ Бырабыыталыстыба хамыыһыйата үлэлээтэ, бары өттүнэн көмө оҥоһулунна, оҥоһулла да турар. Биири этэр тоҕоостоох – Ил Дархан Айсен Сергеевич биһиги өрөспүүбүлүкэбит бу курдук ыарахан түгэннэргэ бары биир сомоҕо буолан бэйэ-бэйэбитин өйөһөн, көмө оҥорон, норуот быһыытынан бэйэбитин үтүө өртүттэн көрдөрөбүт диэн халаан иитинэн ыытыллыбыт мунньахха этэн турар. Иккис өртүттэн Кыыллаахтан төрүттээх дьон бэйэлэрэ маннык аһымал кэнсиэри ыытан улаханнык көмөлөһөллөрүн, миэстэтигэр олорор дьон соҕотох буолбатахтарын, өрөспүүбүлүкэ кинилэри өйүүрүн өйдүөхтээхтэр”, – диэн эттэ. Уонна ааспыт нэдиэлэҕэ Ил Түмэн дьокутаата, “Якутскэнерго” генеральнай дириэктэрэ Г.Н.Алексеевтыын тиийэн үлэлээбиттэрин, 2-Нөөрүктээйиттэн Кыыллаах Арыыга кэлэр уот ситимин уһаабыта үс ыйынан чөлүгэр түһүөҕэ диэн эппитин тириэртэ. Ил Дархан улахан уот Даппарайга кэлэрэ наадатын эппитин иһитиннэрдэ. Бырабыыталыстыба таһымыгар ити курдук күүстээх быһаарыылар, дьаһаллар ылынылла туралларын бэлиэтээтэ. “Бэйэ-бэйэбитигэр сомоҕо күүс буоларбытын бу бүгүҥҥү кэнсиэр көрдөрөр”, – диэн үрдүк сыанаттан бэлиэтээтэ.

“Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай приемнайын салайааччыта, Ил Түмэн дьокутаата Елена Голомарева: “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа уопсастыбаннай өйөбүл ыстааба (сал. Неустроева С.А.) биир да өрөбүлэ, бырааһынньыга суох сылы эргиччи үлэлиир. Маҥнай Оренбурга көмөлөһүүттэн саҕаламмыта, 5,5 туонна таһаҕас барыта. Онтон Өлүөхүмэ ууга барбытыгар бастакынан Кыыллаах “Сомоҕо” түмсүү тиийэн кэлбитэ. “Сомоҕо” атыттартан уратыта диэн, саамай түмсүүлээх, күүстээх санаалаах, эппиэтинэстээх түмсүү диэн бэлиэтии көрдүм” – диэн санаатын эттэ. Ил Түмэн кэмитиэтин наҕараадатын туттарарыгар: “Сомоҕо” түмсүү салайааччыта Надежда Корнилова үлэтин тиһэҕэр тириэрдэр уонна дойдутун ис сүрэҕиттэн наһаа күүскэ таптыыр киһи эбит диэн көрдүм. Эдэр уол Андрей Латышевтыын хара сарсыардаттан хара киэһээҥҥэ диэри “на посту”, – диэн хайҕабыл, сыанабыл тылларын эттэ.

Манна даҕатан аастахха, ханнык баҕарар биир дойдулаахтар түмсүүлэрэ салайааччыттан улахан тутулуктаах. Кыыллаахха 2004 сыллаахха ыччат «Эрэл» түмсүүтүн тэрийбит, «Сомоҕо»солбуллубат салайааччытынан Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба кэллиэһин преподавателэ, СӨ култууратын туйгуна, Кыыллаах нэһилигэин бочуоттаах олохтооҕо Надежда Егоровна Корнилова буолар. Төрөөбүт улуустарыттан ыраах тэлэһийэн олорор биир дойдулаахтарын өрүү түмэ тардан хамсатар.

“Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа толорор кэмитиэтин салайааччытын собуйааччы Вячеслав Пестряков: “Бу халаан уутун иэдээнэ тахсыбытыгар Өлүөхүмэ улууһуттан кыыллаахтар түүннэри-күнүстэри үлэлээн, олус түмсүүлээх дьон эбиккит. Көмө тохтообот, билигин даҕаны  бара турар”, – диэн эттэ уонна махтал суруктары туттарда.

Ханнык баҕарар улууска барар гуманитарнай көмөнү “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа уопсастыбаннай өйөбүл ыстааба сүрүннүүр. Күнү-дьылы аахсыбакка үлэлииллэр, өрөбүлгэ да тиийдэххэ өрүү бааллар, ааннара аһаҕас. Ыстаап салайааччыта Саргылаана Неустроева: “Ыам ыйын 13 күнүгэр Уопсастыбаннай өйөбүл ыстаабыгар сарсыарда тоҕус чаастан мунньах буолла. Сергей Данилович Егоров мунньах кэнниттэн өрө көтөн киирдэ, ити күнтэн гуманитарнай көмө саҕаламмытынан барда. Эппиттэрин курдук, дьоҥҥут наһаа бэриниилээхтик үлэлээтилэр. Надежда Егоровнаттан сөрү диэн сөҕөбүт, бэрт сатабыллаах салайааччы. Биһиги ыстаапка түөрт киһи үлэлиир. Бүгүҥҥү күҥҥэ 14 туонна хомулунна. Кыыллаахтан төрүттээх биир дойдулаахтаргыт кэлэн көмөлөспөтөхтөрө эбитэ буоллар, биһиги маны хомуйар кыахпыт суох. Онон дьоҥҥут-сэргэҕит ортотугар, үтүө оҕолоргутугар, далбар хотуттаргытыгар, бастыҥ уолаттаргытыгар махтанабыт” – диэн этэн туран, ыстаап аатыттан махтал суруктары туттарда.

Ханнык баҕарар тэрээһиҥҥэ, түмсүүлэргэ саастаах, аҕа сүбэһиттэри сэргэ төһөнөн элбэх ыччат кыттар, соччонон түмсүү күүстээх уонна саамай сүрүнэ кэскиллээх буолар диэн этэллэрэ оруннаах. “Сомоҕо” түмсүү дойдуларын туһугар “ыалдьар” ыччата көхтөөх, көмөлөөх буолан үлэ хорутуулаах.

Саха сирин талааннаах ырыаһыттара ылыныыбытын ылынан кэлэн, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр бу курдук улахан аһымал кэнсиэр тэрилиннэ. Ытыс тыаһын доҕуһуолунан сыанаҕа бииртэн-биир  чаҕылхай ырыа кутуллан истэ. СӨ култууратын туйгуна Санита Ай: “Ийэм Өлүөхүмэ Үҥкүрүттэн төрүттээх, Габышевтар кыыстара” – диэн этэн, көрөөччүлэр куттарын тутта, букатын икки ырыаны бэлэхтээтэ.

Истибити эрэ кэхсэтэр, ураты куоластаах Ника илэ бэйэтинэн кэлэн “Сахам Далбар хотуна” толорбут ырыатыгар биир дойдулаахпыт, норуот маастара Надежда Иванова Горнайтан анаан-минээн аҕалбыт ураты көстүүлээх күнтэн хаххалыыр зонтиктарын, норуот маастара Лия Нарахаева көрүөхтэн эриэккэс кыл сэлээппэлэрин Кыыллаахтан төрүттээх Далбар хотуттар сыанаҕа тутан, кэтэн тахсан көрдөрдүлэр.

Аһымал-кэнсиэри СӨ култууратын туйгуна, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Василина Баланова  “Кыыллаах Арыы барахсан” норуот ырыатынан арыйда уонна тэрээһин бүтүүтэ оһуокай тылын таһааран дойдуларыгар — Кыыллаахха көтүтэн “илдьэ сырытта”.

Ааттаах-суоллаах ырыаһыттары сэргэ, Кыыллаах Арыыттан төрүттээх Далбар хотуттар “Кыыллаах Арыы кыргыттара” ансаамбылы (сал. В.С.Шараборина) тэринэн, былырыыҥҥыттан ааттара киэҥник ааттанан, дьон биһирэбилин ылан эрэллэр.

Дойдуларын туһугар “ыалдьар”, ханнык да тэрээһиннэргэ туох даҕаны айаны аахсыбакка, өрүү кэлэн өйүүр ырыаһыттарбыт Мария Васильева, Артур Сокорутов ырыаларын бэлэхтээн, биир дойдулаахтарын үөртүлэр. Кыыллаах биир да култуурунай, уопсастыбаннай тэрээһинин, хара үлэтин көтүппэт Арктикатааҕы култуура уонна устуустуба судаарыстыбаннай институтун устудьуона, Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырын артыыһа Андрей Латышевы хайаан да бэлиэтиир оруннаах.

“Дьыл баччатыгар кэнсиэргэ кэлээччи аҕыйах буолар. Эһиги сааланы толору кэриэтэ дьону мустугут” – диэн эмиэ да сөҕө, эмиэ даҕаны киэн тутта этэллэрэ үлэлиир-хамныыр дьоҥҥо күүстэригэр күүс эбэрэ саарбаҕа суох. Бу барыта ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Кыыллаах Арыыларын, биир дойдулаахтарын муҥура суох таптыылларын, махталларын бэлиэтэ. Кыыллаахтар – өрүү бииргэ! Кыыллаахтар – өрүү тутуспутунан!

Хаартыска: Людмила Попова.
What’s your Reaction?
+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Табалаах уһуйааныгар оҕолору эбээн норуотун төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн иитэллэр

Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

2 часа ago