Дьокуускайга «ЛОРП» ПАУо тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтээтилэр

Share

Дьокуускайга Ю. А. Гагарин аатынан Култуура уонна аныгы ускуустуба киинигэр Ленскэйдээҕи холбоһуктаах пароходство  төрүттэммитэ 30 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһин буолла.

Ил Дархан Айсен Николаев уонна бырабыыталыстыба аатыттан бастакы вице-премьер Дьулустаан Борисов эҕэрдэлээтэ. «Саха сирин олоҕо- дьаһаҕа, сайдыыта өрүстэри кытта быстыспат сибээстээх. Уонна эһиги үлэҕит-хамнаскыт биһиги Сахабыт сиригэр саамай уһук муннуктарыгар тиийэ үлэлиир кыаҕы биэрэр. Тэрилтэ элбэх тургутууну ааһан, улахан ситиһиилэннэ. Өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар эһиги үлэҕитин, кылааккытын иһин ис сүрэхпиттэн махтанабын. Кытаанах доруобуйаны, дьолу-соргуну уонна инникитин ситиһиилэри баҕарабын!»,- диэтэ Дьулустаан Борисов.

Ленскэйдээҕи холбоһуктаах өрүс пароходствота — Саха сирин өрүс тырааныспарын флагмана уонна Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи суолун тырааныспарын оҥорон таһаарыытын тэрилтэлэриттэн биирдэстэрэ. 1994 сыллаахха бэс ыйын 23 күнүгэр «ЛОРП» судоходнай хампаанньа регистрацияламмыта.

«ЛОРП» ААУо бүгүн Саха сиригэр норуот хаһаайыстыбатын таһаҕаһын тиэйиигэ сүҥкэн оруоллаах. Суудунулар хоту таһаҕаһы тиэйии чэрчитинэн Уһук Хоту сир оройуоннарыгар 500 тыһыынча туоннаны таһаҕаһы тиэрдэллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сбербаан чэпчэтиилээх бырагыраамаларын хаттаан үлэлэтиэҕэ

Сбербаан сэтинньи 15 күнүттэн “Дьиэ кэргэн ипотеката” уонна “ИТ ипотека” чэпчэтиилээх бырагыраамаларын хаттаан сөргүтүөҕэ. Бастаан…

5 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сэтинньи 13 күнүгэр саҥа магнитнай буурҕа саҕаланар

Бу күннэргэ халлаан туругуттан тутулуктанар дьоҥҥо күн-дьыл уларыйыытынан  сэрэхтээх буолалларыгар ыҥыраллар. Сэтинньи 13 күнүгэр эбиэт…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Хаартыска/Видео

Михаил Ефимович геополитиката

Сэтинньи 13 күнүгэр, биһиги ытыктыыр Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев төрөөбүт күнүгэр Ытык киһибит туһунан…

34 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Таатта борокуратуурата сууту албыннааһыны утары холуобунай дьыала тэрийдэ

Таатта улууһун борокуратуурата Амма нэһилиэгин урукку баһылыгын уонна экс-баһылык солбуйааччытын холуобунай дьыалатыгар буруйдуур түмүгү таһаарда.…

49 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга биллибэт киһи олохтоох аатыгар 120 тыһ.солк. суумалаах кирэдьиит оҥотторбут

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 7 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

Ийэ тылыгар «Күөрэгэй» бэстибээл үһүс төгүлүн ыытыллыаҕа

 Саха тылыгар «Күөрэгэй» III бэстибээлэ бу сыл сэтинньи 17 күнүгэр «Үлэ кыбаартала» креативнай кластерга ыытыллыаҕа.…

1 час ago