Массыыналар харсыстылар

Share

Массыыналар харсыспыттар. 

Балаҕан ыйын 20 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ «Бүлүү» федеральнай суол 645 килэмиэтиригэр суоппар Тойота Королла Спасио массыынаны ыытан иһэн, Гагарин уулуссатын уонна «Бүлүү» суол быһа охсуһуутугар сүрүн уулуссанан айаннаан иһэр киһиэхэ суолу биэрбэтэ уонна Тойота Ленд Крузер массыынаны кытта харсыста.
Быһылаан түмүгэр Спасио суоппара балыыһаҕа эмтэнэр буолла. Бэрэбиэркэ быһаарбытынан, Спасио суоппара А, В, С категорияларга дастабырыанньалардаах. Былырыын массыынаны ыытар быраабын былдьаппыт, бу сырыыга холуочук туруктаах сылдьан массыынаны ыыппыт.
Тойота Ленд Крузер суоппара А,А1,В,В1,С,С1,М категорияларга дастабырыанньалардаах, быйыл ГАИ-га аҕыста бэлиэтэммит.
Суол саахалынан бэрэбиэркэ ыытыллар.

Госавтоиниспиэксийэ управлениета.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

2026 сылга мунньуллар биэнсийэттэн хас сууманы ылыахха сөбүн туһунан иһитиннэрдилэр

Арассыыйа олохтоохторо 2026 сылга  мунньуллар биэнсийэлэриттэн  440 тыһыынча солкуобайы биир кэмнээхтик ылыахтарын сөп диэн РИА…

7 часов ago
  • Сонуннар

Ефрем Семенов: «Каадыр бэлиитикэтигэр улахан болҕомто ууруллуоҕа»

Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһин пленарнай мунньаҕын улуустартан уонна нэһилиэктэртэн кэлбит…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Диана Соломонова: «Сийиэскэ этиилэрбин болҕомтоҕо ылбыттарыттан үөрдүм»

Киин куоракка икки күн устата өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ  үгүс дьокутааты…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоҕус урбааны өйүүр  боппуруос туора туран хаалыа суохтаах

Ил Дархан туһаайан этиитигэр дьоҕус урбааны өйүүр боппуруоска болҕомтотун ууруо диэн, норуот дьокутаата, Ил Түмэн…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Уопсастыба

“Надеждалар” быйыл сүүрбэччэ араас көрүҥнээх 861 таҥаһы тиктилэр

“Илии сылааһа” сыах (сал. Саввина И.Е.) филиала Куокуйдааҕы “Надежда” холбоһук (сал. Еремеева Т.У.) бу сылга…

8 часов ago
  • Бэрээдэк

Аймаҕар көмөлөһөөрү кирэдьиит ылан, улахан иэскэ киирбит

Дьокуускайдааҕы полиция 1-кы №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох дьахтар кини аатыгар сокуоннайа суохтук 145 тыһ.солк.…

8 часов ago