Дьокуускайга Михаил Николаев кэриэһигэр «Махтал» кэнсиэр буолла

Share

СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев төрөөбүт күнүгэр, бүтүн норуот лидерин кэриэһигэр  «Махтал» кэнсиэр буолан ааста.

Тэрээһин СӨ Муусукатын Үрдүкү оскуолатын устудьуоннарын, выпускниктарын көҕүлээһининэн, Саха балет кэллиэһин, өрөспүүбүлүкэ артыыстарын өйөбүлүнэн ыытылынна.  Бу туһунан Николаев-Киин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин сыанатыгар  опера ариялара, дуэттар, романстар тыаһаатылар. Көрөөччүлэр  Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырын солиһа Александр Емельяновы, Муусука Үрдүкү оскуолатын оҕо духуобунай оркестрын кэлэктииптэрин, «Музыка для всех» бырайыагынан оҕолор хордарын уонна Оҕо дыбарыаһын норуот инструменнарын оркестрын иһиттилэр.

«Муусука киһи эниэргийэтин, өрө көтөҕүллүүтүн уонна айар кутун сүтэрбэт источнига. Михаил Ефимович Николаев классическай муусука, үҥкүү, балет ускуустубатын күүһүн дириҥник өйдүүрэ, ол иһин кини Саха сирин үрдүнэн олоххо киирэр «Музыка для всех» бырайыагы оҥорбута. Бу курдук биһиги  Сахабыт сирин дьиҥнээх патриоттара уонна  гражданнара үөскүүллэр», — диэн бэлиэтээн эттэ Николаев-киин салайааччыта Юрий Семенов.

Кини учууталларга Махтал суруктары туттарда. СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнин аатыттан «Өрөспүүбүлүкэ килбиэнигэр уонна туһатыгар» диэн уордьан Муусука Үрдүкү оскуолатын бэрэпиэссэрэ Ольга Кошелеваҕа туттарылынна. Бастакы Бэрэсидьиэнинэн тэриллибит муусука Үрдүкү оскуолатын уонна балет кэллиэһин устудьуоннара уонна кэлэктииптэрэ норуот лидерэ Михаил Ефимович Николаевы кэриэстээн  махтал тылларын эттилэр.

«Михаил Ефимович Николаев лидер этэ, кинини Нация аҕатын быһыытынан билинэбит уонна ытыктыыбыт. Бүгүн бу кэнсиэргэ ускуустубаҕа тапталы түмэр оҕолор муһуннулар. Кини кэс тылларын биһиги үлэбитигэр, өйбүтүгэр, үлэбитигэр салгыахпыт», — диэтэ Муусука Үрдүкү оскуолатын ректора Надежда Зайкова.
Кэнсиэр Михаил Николаевка төрөөбүт күнүгэр сүдү суолталаах, умнуллубат түгэнинэн буолла. Тэрээһини устудьуоннар уонна выпускниктар көҥүлээһиннэринэн  Николаев-Киин уонна Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтата тэрийдилэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, сэтинньи 13 күнэ, СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев төрөөбүт күнэ, Ил Дархан Айсен Николаев Ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Инновация күнүнэн биллэриллибитэ.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

3 часа ago