Дьокуускайга Москва мемориальнай билиитэтигэр сибэкки дьөрбөтүн уурдулар
Киин куоракка Кыайыы болуоссатыгар Дьоруой-куорат Москва мемориальнай билиитэтигэр сибэкки дьөрбөтүн ууруу сиэрэ-туома ыытылынна. Өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа дойдуну көмүскээбиттэргэ ытыктабылын биллэрэ кэллэ.
Тэрээһини Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина, Москва куорат уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат бэлиитикэтигэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Артур Берлов уонна Арассыыйа Дьоруойа Игорь Юргин салайдылар. Хамсааһыҥҥа байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара, эдэр армеецтар уонна кадеттар холбостулар.
«Бүгүн, мемориалга сибэкки ууран биһиги дойдубут сибээһин туһунан кэпсэтэбит. Хас биирдии устуоруйаны дьиэ кэргэн оҥорор диэн куруук этэбин. Саха сирин олус элбэх олохтооҕо Москва куораты көмүскүүргэ туруммута. Ыраах Саха сириттэн Москва анныгар Степанов Петр Ильич кыргыспыта. Кини 60 сааһыгар уола Химкиҕа, Москваны көмүскээччилэр “Ежи” монуменнарыгар кэлбитэ. Онтон сиэннэрэ билигин байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар. Оҕолор бу дьиэ кэргэҥҥэ дьиҥнээх патриот буола иитиллибиттэрэ. Маннык дьиэ кэргэттэринэн, көлүөнэлэринэн Арассыыйа күүстээх”, — диэтэ Ольга Балабкина.
Артур Берлов Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Москваны көмүскээбит саха буойуннарыгар уонна билигин байыаннай эпэрээссийэҕэ дойдуну көмүскэччилэргэ махтанна.
Арассыыйа Дьоруойа Игорь Юргин: “Бу биһиги куораттарбыт икки ардыларыгар улахан сибээс. Биһиги сыһыаммыт сайдарыттан олус үөрэбин. Биһиги норуоппут уопсай өйөбүлүн билэбит. Бэйэтин өбүгэлэрин кэриэстээбэт нүруот куһаҕан норуот. Биһиги биир сомоҕобут”, — диэн Арассыыйа бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит “Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраама кыттыылааҕа Игорь Юргин икки куорат икки ардыгар сибээс суолталааҕын бэлиэтээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: