Дьокуускайга Москва мемориальнай билиитэтигэр сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Share

Киин куоракка Кыайыы болуоссатыгар Дьоруой-куорат Москва мемориальнай билиитэтигэр  сибэкки дьөрбөтүн  ууруу сиэрэ-туома ыытылынна. Өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа дойдуну көмүскээбиттэргэ ытыктабылын биллэрэ кэллэ.

Тэрээһини Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина,  Москва куорат уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат бэлиитикэтигэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Артур Берлов уонна Арассыыйа Дьоруойа Игорь Юргин салайдылар. Хамсааһыҥҥа байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара, эдэр армеецтар уонна кадеттар холбостулар.

«Бүгүн, мемориалга сибэкки ууран биһиги дойдубут сибээһин туһунан кэпсэтэбит. Хас биирдии устуоруйаны дьиэ кэргэн оҥорор диэн куруук этэбин. Саха сирин олус элбэх олохтооҕо Москва куораты көмүскүүргэ туруммута. Ыраах Саха сириттэн Москва анныгар Степанов Петр Ильич кыргыспыта. Кини 60 сааһыгар уола Химкиҕа, Москваны көмүскээччилэр “Ежи” монуменнарыгар кэлбитэ. Онтон сиэннэрэ билигин байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар. Оҕолор бу дьиэ кэргэҥҥэ дьиҥнээх патриот буола иитиллибиттэрэ. Маннык дьиэ кэргэттэринэн, көлүөнэлэринэн Арассыыйа күүстээх”, — диэтэ Ольга Балабкина.

Артур Берлов Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Москваны көмүскээбит саха буойуннарыгар уонна билигин байыаннай эпэрээссийэҕэ дойдуну көмүскэччилэргэ махтанна.

Арассыыйа Дьоруойа  Игорь Юргин: “Бу биһиги куораттарбыт икки ардыларыгар улахан сибээс. Биһиги сыһыаммыт сайдарыттан олус үөрэбин. Биһиги норуоппут уопсай өйөбүлүн билэбит. Бэйэтин өбүгэлэрин кэриэстээбэт нүруот куһаҕан норуот. Биһиги биир сомоҕобут”, — диэн Арассыыйа бэрэсидьиэнэ  көҕүлээбит “Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраама кыттыылааҕа Игорь Юргин  икки куорат икки ардыгар сибээс суолталааҕын бэлиэтээтэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

24 минуты ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

3 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

4 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

5 часов ago