Саха сирин өрүстэригэр халаан уута гидрометеорологтар эрдэ сабаҕалаабыт болдьохторугар күүтүллэр. Сабаҕалааһын быһыытынан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар Өлүөнэ өрүс ыам ыйын 8 күнүн диэки арыллыаҕа. Дьокуускайга муус барыыта ыам ыйын 16 күнүгэр күүтүллэр. Ыам ыйын 2 күнүгэр Гидрометкиин начаалынньыга Татьяна Маршалик иһитиннэрбитинэн, ыам ыйын 2 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ өрүстэригэр билигин да кыһыҥҥылыы турар.
«Барыллаан сабаҕалааһынынан, Дьокуускай оройуонугар муус хамсааһына ыам ыйын 16 күнүгэр бэлиэтэниэ. Билиҥҥитэ бэйэбит сабаҕалааһыммытын тутуһабыт. Халыма өрүстэн кыратык куттанабыт, тоҕо диэтэххэ, манна өр кэм устата олус сылаас күннэр тураллар. Халыма өрүскэ сабаҕалааһыммытын баҕар эмиэ уларытыахпыт. Тоҕо диэтэххэ, күн-дьыл туругуттан элбэх тутулуктанар. Күнтэн-дьылтан болдьоҕу уларытыы кыра өрүстэргэ эмиэ тахсыан сөп. Сылаас күннэр тураннар Өлүөхүмэҕэ муус хамсааһына уруккутааҕар эрдэ саҕалананыан сөп, ол Өлүөнэ өрүскэ муус ааһарын чэпчэтиэ. Онон, кыра өрүстэри көрөн, сабаҕалааһыны уларытыахпытын сөп. Ардахтаах сөҥүү түһэрэ олус үчүгэй. Өрөспүүбүлүкэ соҕуруу уонна киин улуустарыгар өрөбүллэргэ күнүс ардахтаах сөҥүүнү күүтэбит, бу циклон салҕыы арҕаа тахсыаҕа», -– диэн Татьяна Маршалик быһаарда.
Ууга барыан сөптөөх зонаҕа 24 улуус 123 нэһилиэнньэлээх пууна киирсэр. Быстах кэмҥэ олорорго эрдэттэн 271 пууну арыйарга былааннаатылар.
Гидрометеорологтар суукканы быһа үлэлиир дьуһуурустубаҕа көстүлэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ өрүс балаһыанньатыгар мониторинг оҥорорго барыта 127 бастайааннай уонна 56 быстах кэмнээх пост үлэлииллэр.
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…