Дьокуускайга “Наука 0+” билим бэстибээлэ
Бу күннэргэ Дьокуускай «Наука 0+» Бүтүн Арассыыйатааҕы билим бэстибээлин киин эрэгийиэннээҕи былаһааккатынан буолаары турар. Ол курдук балаҕан ыйын 4-7 күннэригэр Новосибирскайы уонна Сочины кытта тэҥҥэ Саха сирин киин куоратыгар дойду бастыҥ учуонайдара 70 интерактивнай былаһааккаҕа бэйэлэрин арыйыыларын, саҥа сонун оҥоһууларын көрдөрүөхтэрэ, эдэр чинчийээччилэри инникигэ кынаттыахтара.
“Наука 0+” бэстибээл 2013 сылтан уон иккис төгүлүн ыытыллар. Лиэксийэлэргэ, маастар-кылаастарга, экскурсияларга саҥа арыйыылары, интэриэһинэй чинчийиилэри киһиэхэ өйдөнүмтүө тылынан кэпсиир, быһаарар, ыйытыыларга хоруйдуур буоланнар, оскуола оҕолоро, устудьуоннар, улахан да дьон интэриэһиргээн сылдьаллар.
“Быйыл биһиги Арассыыйа бары эрэгийиэннэригэр бэстибээли тэрийэн ыытар федеральнай кииннэртэн биирдэстэринэн талыллыбыппыт. Онон киин эрэгийиэннээҕи былаһаакканан буоллубут”, – диэн иһитиннэрдэ балаҕан ыйын 3 күнүгэр ыытыллыбыт пресс-конференцияҕа Үөрэхтээһин уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччыта Михаил Присяжнай. — 0+ диэн оҕоттон улаханыгар тиийэ кимиэхэ барытыгар өйдөнөр билим ааттанар. Онон ким баҕарар бэйэтигэр интэриэһинэй тиэмэни булуон сөп”.
Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет бэстибээл эрэгийиэннээҕи координаторынан буолар. Онон тэрээһиннэргэ 300-чэкэ үлэһит, 200-тэн тахса устудьуон кыттыыны ылыахтара. 60-ча интерактивнай былаһаакка үлэлиэ: нейросиэт кыаҕын, научнай-чинчийэр лабаратыарыйалар экспозицияларын көрдөрүөхтэрэ. Холобур, мэдиссиинэ института “Эмп лааппытын” үлэлэтэн, бэйэлэрэ оҥорбут БАД-тарын, спортивнай аһылыктарын, гигиена табаардарын билиһиннэриэ.
Бэстибээл устата араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара: “учуонайдар оскуолаҕа” диэн үгэс буолбут форматтаах научнай-популярнай лиэксийэлэр, “Дохсун” спортивнай комплекска араас хайысханан бэйэҕин чинчийээччи курдук сананан боруобаланаргар улахан интерактивнай кыахтардаах былаһаакка баар. Манна сүрүн быыстапкалыыр экспозиция туруоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: